Page 168 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 168
Өлбөт үрдүк соргутун
Өлөрүөҥ-өһөрүөҥ суоҕа.
(Тахсаллар.)
III
Кыһыл Ойуун
(тура-тура).
Оруос Баай суон буруотун
Умуруорар оҥоһуулаахпын,
Өлбөт үрдүк өрөгөйүн
Өлөрөр үрдүк ыйаахтаахпын,
Мин үөскүүр үйэ кынатабын,
Мин тимир үйэ хахайабын…
(Чачыгыраччы күлэр.)
Икки атахтаах өйө кыайбатах,
Икки атахтаах санаата сиппэтэх,
Өлөрү-өлбөтү үөскэппит
Өлбөт үрдүк дьөһөгөй — түүл!!!
Үөскүүр үйэ таҥарата — атын,
Үөскүүр үйэ баһылыга — туспа…
? Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Кыһыл Ойуун «дьоллоох олох диэн сымыйа», «дьоллоох
киһи диэн албын» диэн этэрэ айымньы бастакы оонньуутун
сыалын-соругун кытта туох ситимнээҕий?
2. Саһыл Ойуун киһи туһунан «Кини — өлөр өлүү күлүгэ, ки-
ни — эрэй-буруй элэгэ!» диэн этэрэ Кыһыл Ойуун «дьоллоох
киһи суох» диэн этиитигэр дьүөрэлэһэр дуу, утары дуу?
3. Оруос Баай оҕотун, Саһыл Ойуун этэринэн, «Орто дойду оло-
ҕун тупсараары», оттон Кыһыл Ойуун этэринэн, «Сирдээх
халлааны илиитигэр туттараары» Орулуос Дохсуҥҥа
биэрэргэ быһаарынар. Манан суруйааччы туох санааҕа тиэр-
дэрий?
4. Кыһыл Ойуун бэйэтин тоҕо «Мин үөскүүр үйэ кынатабын,
тимир үйэ хахайабын» дэнэрий?
168