Page 173 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 173
Дьылҕа Тойон тыыннаах!!!
Дьылҕа Тойон күүстээх!!!
Бары
Уруй-айхал!!!
Уруй-айхал!!!
Бары, сиргэ тиийэ сүгүрүйэн баран, олороллор. Кулут уолаттар, кыргыттар
кыдьымахтаах кымыһы, чорооҥҥо кута-кута, аҕалаллар, алтан тэриэлкэлэргэ
эти тардаллар, иккилии киһи көтөҕөр кытыйа иһиттэрин, мадьалытан аҕалан,
остуолларга туруораллар. Саһыл Ойуун алта кырыылаах тунал-маҥан оһох ин-
нигэр алҕаары олорор.
Оруос Баай
(тайанан туран, чороону туппут).
Уон улууһум удьуор дьонноро,
Уон улууһум улуу бэртэрэ!
Эһиги бэйэҕит билэҕит,
Эһиги бэйэҕит көрөҕүт —
Эрэй-буруй элбээбитин.
Эрэй-буруй үрдээбитин.
Сир-халлаан соргутун холбоон,
Сир-халлаан ыйааҕын тутан,
Икки атахтаах эрэйин аччатаары,
Икки атахтаах дьолун тупсараары,
Кыра кыыспын, Айыы Куону,
Кыырай халлаан кылаан бэрдигэр,
Орой-буурай Орулуос Дохсуҥҥа
Ойох биэрэн, атааран эрэбин…
Үтүө дьоммун үөрүүбэр ыҥырдым,
Үөрэ-көтө алҕаан хаалыаҕыҥ.
Дьол-соргу улааттын!
Дьон олоҕо тубустун!
Бары
(тура-тура, чорооннорун өрө ууна-ууна).
Уруй-айхал!
Уруй-айхал!
Дьол-соргу улааттын!!!
Дьон олоҕо тубустун!!!
(Бары олороллор.)
173