Page 171 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 171
Кучугуруу-кучугуруу, куду харбаата,
Өрөгөйдөөх халлааным кэтит иэнигэр
Өрө көттө, өрөһөлөнөн таҕыста.
Куба кыылым хааннаах сүрэҕин
Куолайын үүтүнэн сулбу тарта…
Хотой обургу чаҥырҕаата-чачыгыраата,
Куба кыылбын ыһыктан кэбистэ.
Куба кыылым хааннаах этэ,
Хардыргыы-хардыргыы, таҥнары түстэ.
Хара суорум, хааҕыргыы-хааҕыргыы,
Тула көттө, тобулута тоҥсуйда…
Ону көрөн тураммын,
Олустук куттанным,
Оҕобун санаатым…
Тойон болуо сүрэҕим долгуйда,
Толоостук көрдүм, туоратык санаатым…
(Ойуунун тобулу көрөн олорор.)
Саһыл Ойуун
(олоро-олоро).
Кыһыл Ойуун кэллэҕэ,
Кыыспыт кутун илтэҕэ…
(Оруос Баайга)
Эн бэйэҥ билэн олороҕун —
Эрэллээх-эҕэрдэлээх эргэ үйэбит
Тиэрэ тэптэрэр, тилэх бэрдэрэр
Тиксиилээх күчүмэҕэй күнэ кэлбитин…
Ол эрээри, Оруос Баай тойон,
Орто дойду урукку баһылыга,
Санаабыт санаатын салайа турдун,
Саҥарбыт тылын толорон истин.
(тохтуу-тохтуу)
Түһээбит түүлүҥ төлкөтө маннык —
Түргэн салгын көтөр кынаттаах
Орой-буурай Орулуос Дохсун,
Орто дойду кыыс оҕотун
Кутун тутаары, тыына түспүт,
Кутун-сүрүн илдьэ барбыт…
Түһүлгэни түһэриэххэ,
Түөрэҕи олордуохха…
171