Page 170 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 170
II
Таһыттан С а һ ы л О й у у н киирэр, сүгүрүс гынан уруйдуур.
Саһыл Ойуун
Уруй-айхал, улуу кырдьаҕас!!!
Уруй-айхал, аҕа баһылык!!!
Сылдьыбыт сырыым сытаммакка,
Сыгынах сырҕана сырайданан,
Кэпсэппит кэпсэтиим кэскиллэммэккэ,
Кэлэҕэй-тардыас тылланан
Кэлэн турабын, улуу тойонум…
Бэҕэһээҥҥи бэтэнээски
Бэрдимсийбэтин,
Чугастааҕы чугуччу
Чуубурҕаабатын, —
Дьылҕа Тойон тыыннаах!
Дьылҕа Тойон күүстээх!
Өлөр бииһэ өрө көрбүтүн
Өрөгөйдөөх өлбөт халлаан,
Уодьуганын тардан, уҕарытыа диибин,
Уһун тускул туругуруо диибин…
Оруос Баай
Улуу ойуун, уруйдуубун!!!
Уһун тускул туругурдун!!!
Түһээбит түүлбүн төлкөлөөн кулу,
Түүл-биппин билэн, билгэлээн кулу.
Күөх дьарҕаалаах, күлүмнүүр кытыылаах,
Күндээрэр эрэлик умайар уоттаах,
Араҕас толбонноох арылыйар кустук
Арҕаа күөлбэр алаарыйан түстэ,
Күндээрэн көһүннэ, күлүмнүү умайда,
Күөх оттоох көлүйэ күөлүм
Көмүс мөһүүрэ долгунун ортотугар
Куба кыылым долгуйа устан,
Куоҕаҥныы-куоҕаҥныы, туналыйа сырытта.
Килбиэннээх халлааным кэтит иэнигэр,
Кини үрдүнэн, хоодуот хотой,
Төгүрүйэ-төгүрүйэ, чаҥырҕаата,
Түөрт төгүл чачыгыраата.
Хотой обургум куорсуна тыаһаат,
Куба кыылбар куугунаан түстэ,
170