Page 174 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 174
Саһыл Ойуун
(алгыыр).
Уруй-айхал нии, доҕоттоор…
Уолар уулаах, охтор мастаах,
Күндү көҕөрөр кырыстаах,
Күөгэйэр налыы хонуулаах,
Симэҕэ-силигэ сиппит
Сир ийэ орто дойдум
Уйгу быйаҥа улааттын,
Урусхал саҕа уруйданнын.
Доом-эрэ-доом ини!!!
(Ыһыах ыһар.)
Уруй-айхал нии, доҕоттоор…
Унаар туманнаах, улуу дорҕоонноох,
Күндээрэр күөх уот чолбон
Күлүмнүүр көрөр харахтаах
Орой-буурай Орулуос Дохсуҥҥа
Орто дойду урааҥхай сахаттан
Алгыстаах ачыр анньаммыт,
Аат ааттаан, айхаллаан көрүөҕүҥ.
Доом-эрэ-доом нии!!!
(Ыһыах ыһар.)
Күлүмнүүр көмүс таҥастаах,
Күлүм-чаҕыл кынаттаах,
Одун дорҕоон айаннаах
Чаҕылыйа күлүмнээн, таҥнары
дапсыйан,
Чачыгыраан-дарылаан, этэн-ньиргийэн,
Түһүлгэбитин чүөмчүлээн көрүй.
Түөрэхпитин олордон, уруй айхалынан
Хотун ойоҕуҥ кутун-сүрүн
Хоолдьуктаах бэйэбит хоҥкуһан
тураммыт,
Алгыстаах арчынан атаарар күммүт
Айхаллаах бэйэтэ адаҕыйан кэллэ,
Доом-эрэ-доом нии!!!
(Ыһыах ыһар.)
Сир-халлаан хайҕалын холбоору,
Сир-халлаан соргутун тутаары,
Орто дойду улуу баһылыга,
Оруос Баай, аҕа тойоммут,
174