Page 175 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 175
Санаабыт санаата салаллан кэллин,
Сахабыт сиригэр саргыбыт сайыннын,
Балкыырдаах байҕалым баалын курдук,
Бараммат баайбыт барҕаран таҕыстын.
Уһун уруй! Асхам айхал!!!
Уһун уруй! Асхам айхал!!!
(Ыһыах ыһар.)
Бары
(тура-тура).
Уруй-айхал улааттын!!!
Уруй-айхал улааттын!!!
(Кымыс иһэллэр.)
VI
А й ы ы К у о, көстө сүөргү олус үчүгэй кыыс оҕо, уон икки кыталык курдук
кыргыттары кытта тахсан, барыларыгар сиргэ тиийэ сүгүрүс гынар.
Бары
(тура-тура).
Уруй-айхал, Айыы Куо!
Уруй-айхал, Кыыс Хотун!
Кэлэр кэрэ кэскил үрдээтин!
Кэлэр кэрэ соргу үксээтин!
Уруй-айхал!
Уруй-айхал!
(Сүгүрүс гыналлар.)
Кыргыттар
(сиэттиһэ сылдьаннар).
Тырымныыр чыычаахпыт,
Тыкаарар далбарбыт!
Алаарыйар халлааммыт
Арылыйар кустуга
Күндээрийэ күлүмнээн,
Күлэр-мичик эргийдин.
Күлүмнүүр көмүспүт,
Күөгэйэр нусхалбыт!
Сундал маҥан халлааммыт
Сулустара тырымнаан,
Дьоллоох олох үрдээтин,
Дьоллоох соргу үксээтин.
Субуруйар долгун
175