Page 180 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 180
(Андаҕайар).
Алдьархайдаах аан дайды
Алгыстаах атыыр оҕуһа,
Андаҕайабын — аал уотум
Аалыы көмүс кыымынан,
Көҕөрөр торҕо төлөнүнэн,
Көтөр күкүр кынаппынан
Аан дайды айыллыбыта бэйэтэ
Ахсаана биллибэт сылларынан…
(дүҥүрүн охсо-охсо)
Доом-эрэ-доом!
Андаҕайабын аан дайды
Ахсаана биллибэт алдьархайынан,
Айманар сата салгынынан, —
Айбыттан-таҥараттан аккаастанным,
Андаҕартан-айыыттан араҕыстым.
Орто дойду олоҕун
Оһолун-сорун ордордум,
Оһолун-сорун итэҕэйдим…
(дүҥүрүн охсо-охсо)
Доом-эрэ-доом!!!
Туох баар анньыллан-ыйанан турар эмэгэттэрэ, турута баран, сиргэ умса
түһэллэр.
Андаҕайабын алаһа дьиэбинэн,
Алаһа дьиэни билбэтэх
Соххор-доҕолоҥ сорунан,
Соххор хараҕын уутунан, —
Соло-сокуон сууйуллуоҕа,
Сор-муҥ умнуллуоҕа,
Кэрэ кэскил кэлиэҕэ,
Кэрэ соргу элбиэҕэ…
(дүҥүрүн охсо-охсо)
Доом-эрэ-доом!!!
Андаҕайабын айыы аймаҕын
Ааспат-арахпат айыытынан, —
Батталлаах олох уларыйыаҕа,
Баайа-дьадаҥыта бараныаҕа.
Эрэйдээх-буруйдаах икки атахтаах
Эрэли-итэҕэли эргитиэҕэ,
Алгыстаах олоҕу аҕалыаҕа,
Аан дойду абырыаҕа…
180