Page 177 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 177
? Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Айымньы иккис оонньуутугар Кыһыл Ойуун «Өлбөт үрдүк
дьөһөгөй — түүл», оттон Оруос Баай «Түүллүүн-биттиин
түлэгэдийдим» диэн этэллэрэ туох ис номохтоохторуй?
2. Оруос Баай «Тиистээх-тыҥырахтаах элбээтэ» диэн тугу
этэрий?
3. Оруос Баай Орто дойду олоҕо тупсуон баҕарар курдук эрээ-
ри, ис дьиҥэ сыала-соруга тугуй?
4. Саһыл Ойуун тоҕо «Эрэллээх-эҕэрдэлээх эргэ үйэбит» дии-
рий?
5. Саһыл Ойуун «Үллэр өлгөм күүстээх үүнэр үйэ кыайда»
диэн ханнык үйэни билгэлиирий?
ТӨРДҮС ООННЬУУТА
Кыһын. Киэһэ буолбут. К ы һ ы л О й у у н быстах утуйа сытар. Оһохтоох
уота умайан бачыгырыы турар. Б ы р д ь а б ы т ы к Х а т а н Т э м и э р и й э,
быһаҕаһыгар дылы былтайан тахсан, күчүгүрэччи күлэр.
I
Хатан Тэмиэрийэ
Ха-ха-ха!!! Һы-һы-һы!!!
Халлаан халлан хабылынна…
Хара буруо харалдьыта
Хатан Тэмиэрийэ обургу
Күлэ-күлэ күчүгүрээтим,
Күлүмнүү-күлүмнүү күөдьүйдүм,
Умулла-умулла умайдым…
Одун күүстээх, төлөн тыыннаах,
Тарбанар дьарык, кытыас миҥэ,
Таҥнары буурай, чаҕыл-күлүм
Мин буолабын, мин олоробун…
Икки атахтаах, оҕом эрэйдээх,
Итиибэр иттэн, сылааспар сытан,
Күүһэ үрдээтэ,
Күдэҕэ үксээтэ.
Күннэри-түүннэри күлүмнүү умайбыт
Күтүр манньабын хаһан эрэ
Күлүкпэр үҥэн, күлбэр ууран,
Махтал этэн мах гыннарар,
Мах гынар маҥалайбын толорор?
177