Page 178 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 178

(муҥатыйа-муҥатыйа)

                     Сылааспар тартаран сынньана түһээри,
                     Сыыгыныы-сыыгыныы, нуктаан бардахпына —
                     Ойон тураннар, оройбун хаһаллар,
                     Оҕолуун-дьахтардыын бары мөҕөллөр…

                                                      (абаран)

                     Ха-ха-ха!!! Хатан Тэмиэрийэ, күллүм…
                     Халлаан хатан дьыбарданнын!

                               (Уотунан тибиирэр, тимирэн хаалар.)

                                                II

К ы һ ы л О й у у н. Уһуктан туран, уот иннигэр баран аргынньахтаан олорор.

                                  Кыһыл Ойуун

                     Сир ийэ иэнигэр
                     Сидьиҥ быһыы сириэдийдэ,
                     Орто дойду уолуйда,
                     Олох-дьаһах дьадайда,
                     Чаҕыйда-чачайда,
                     Чаллахсыйар кэмэ кэллэ.
                     Саҥа үйэ саргылаах баһылыгын,
                     Саллан баран, салбанартан бэрди
                     Сатыы соллоҥо билбэтэ,
                     Үөлэн баран, үтэртэн бэрди
                     Үөмэр соллоҥо көрбөтө.
                     Ким баарый хаанынан ытаабатах?
                     Ким баарый хабалаҕа киирбэтэх?

                                                  (тохтуу-тохтуу)

                     Үйэлэр быыстарыгар үөскээн төрөөбүт
                     Үллэр күүстээх, өлгөм өйдөөх
                     Соҕотох туйгун, икки атахтаах,
                     Солону-сокуону, сору-муҥу
                     Солбонутар сокуона суох эбит.
                     Чаҕылҕан курдук күлүмнүү-күлүмнүү,
                     Чаҕырыйбат-чачайбыт бэйэтэ,
                     Кулут дойдутун, кырыыс сирин,
                     Кулугутун тардаат, өһөр эбит.

                                                    (тура-тура)

                     Солону-сокуону, сору-муҥу
                     Солбонутуоҕа сордоох-муҥнаах,
                     Соххор-доҕолоҥ кулут аймаҕа.

 178
   173   174   175   176   177   178   179   180   181   182   183