Page 183 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 183
Өйгүнэн өлүмэ!!!
Өркөн төлөн өйдөн,
Өрөгөй үрдээтин!!!
Кутурҕан Куо, сүгүрүйэн баран, буруо буолан сүтэр.
Кыһыл Ойуун
(тобуктаан туран, дүҥүрүн охсо-охсо).
Доом-эрэ-доом!!!
Доом-эрэ-доом!!!
Доом-эрэ-доом!!!
(Туох баар туруттан түспүт эмэгэттэрин, кыырар таҥаһын, дүҥүрүн,
былаайаҕын — барытын уокка быраҕар.)
Оһоллоох орто аан дойду
Одьунаас улуу ойууна
Ойууннуурбуттан уурайдым.
Үөһээ-аллараа биистэрэ
Үөлэспин өҥөйбөтүннэр,
Кырыыс кыйданнын,
Кыырар уурайдын.
Абааһыта да суох — айыы аймаҕар
Алдьархай бөҕө бэрдэ адаҕыйда…
(Сылайбыт киһи быһыытынан, баран иттэнэ түһэн сытар.)
Б ы р д ь а б ы т ы к Х а т а н Т э м и э р и й э оҕонньор умайа турар оһох-
тоох уоттан быһаҕаһыгар дылы былтайан тахсар.
Хатан Тэмиэрийэ
(уотунан тибиирэ-тибиирэ).
Аан дойду атыыра,
Ааттаах ойуун өллө.
Муҥатыйдым,
Муҥурданным…
Ким кэлээхтээн,
Кини курдук,
Кэрэх маска
Кэп туойуоҕай?
Минньигэс сыт
Мэлийдэҕэ…
Айбыттыын аттанар
Алдьархайбыт кэллэ…
(тимирэ-тимирэ)
Аан дойду атыыра,
Ааттаах ойуун өллө…
183