Page 179 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 179
Тимир үйэ кэхтэр кэмэ,
Тимир үйэ көтөр күнэ
Син биир үтэн-үллэн кэлиэҕэ,
Син биир тимир үйэ өлүөҕэ.
Кыһыл Ойуун кыырар таҥаһын кэтэр, дүҥүрүн, былаайаҕын ылар, былыргы
үс харыстаах быһаҕы ылан, туора тутан баран, олоҕор олорор. Алгыыр.
Күөттээни ууһа күөттээбит,
Күөх төлөҥҥө үтүллүбүт,
Баалтааны ууһа балталаабыт,
Барык-сарык илбискэ этиллибит,
Оһол-моһол соллоҥ иҥмит,
Обот-соллоҥ олуй-молуй,
Хааннаах дьаргыс бадаайы быһаҕым!
Хара хапсык хаҥыл дьайын
Хааннаах илбиһин иҥэрдэҕим буоллун.
Сараһын эмэгэт обото түстүн,
Салбанар эмэгэт имэҥэ иҥнин…
Хахай хаана хааннанан,
Хамначчыт аймаҕа туран,
Солону-сокуону, сору-муҥу,
Соххор-доҕолоҥ кулут кырыыһын
Солбонутар күнүгэр субай хаанынан
Имэҥнээх илбискин хаахтатан хаһыытаар…
Иҥииртэн иҥнибэт, чоруунтан тостубат,
Хааннаах хабалаттан халтарыйбат-хаҥныбат
Хара дьайданаар, хаан олбохтоноор.
Тойоттон толлумаар, баайтан бахтымаар,
Тоҕута көтөөр, тоһута охсоор…
(Үһүүрэ-үһүүрэ, силлии-силлии, оһоҕун холумтаныгар туруору анньар.
Дүҥүрүн охсо-охсо домнуур.)
Доом-эрэ-доом!!!
Доом-эрэ-доом!!!
Доом-эрэ-доом!!!
Хамначчыт аймаҕа, хара норуот
Хааннаах хара көлөһүннэринэн
Халыҥ хаһаламмыттары харыстаамаар.
Соххор-доҕолоҥ аймаҕын
Сорунан-муҥунан суон саалламмыттар
Сололорун-сокуоннарын солбонутаар.
Доом-эрэ-доом!!!
Доом-эрэ-доом!!!
Доом-эрэ-доом!!!
179