Page 184 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 184

(Көбөн тахсар.)

                                  Абааһы аймаҕа
                                  Айманнын даҕаны.
                                  Кэрэх мас кэҥсигин,
                                  Кэҥэрдиитин сытын,
                                  Бэкиһэ сытыйан,
                                  Бэрсибэт этилэр…
                                  Аал уот обургу,
                                  Аһыырым элбэх…

                                            (Күчүгүрэччи күлэр.)

? Ыйытыылар уонна сорудахтар

    1. Кыһыл Ойуун этэринэн, «Саҥа үйэ саргылаах баһылыга»
        хайдах, туох эбитий?

    2. «Кулут дойдутун, кырыыс сирин
        Кулугутун тардаат, өһөр эбит»
        диэн этии туох ис номохтооҕуй?

    3. «Тимир үйэ» диэн хайа кэм дьүһүннэнэр дии саныыгыт?
        Тоҕо?

    4. Бадаайы быһахха илбис иҥэриинэн туох этиллэрий?
    5. «Соххор хараҕын уутунан

        Соло-сокуон сууйуллуоҕа,
        Сор-муҥ умнуллуоҕа»
        диэн Кыһыл Ойуун этиитэ тугу кэрэһилиирий?
    6. «Икки атахтаах — улахан,
        Икки атахтаах — таҥара»
        диэн Кыһыл Ойуун түмүктээһинэ туох ис санааны этэрий?
    7. Кутурҕан Куо «Өлөрү өйүнэн кыайда, Өлөртөн өлбөт буол-
        ла» диэн этиитэ туохха ыҥырарый?
    8. Ааптар айымньытын тоҕо Хатан Тэмиэрийэ айманыытынан
        түмүктүүрүй?

Анаан дьүүллэһии

    1. «Кыһыл Ойуун» олоҥхо-тойукка эргэ уонна саҥа, үтүө уон-
        на мөкү күрэстэһиитэ:

    Айымньыга олох улуу мөккүөрэ: эргэ уонна саҥа, үтүө уон-
        на мөкү охсуһуутун ойуулааһын тыҥааһыннаах түгэннэрэ;

    Улуу мөккүөр будулҕаныгар лиичинэс уонна кэм сыһыан-
        нара;

    Икки атахтаах «Өйүнэн өлбөт үйэҕэ» дьулуһар мөккүөрүгэр

 184
   179   180   181   182   183   184   185   186   187   188   189