Page 189 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 189
Лиро-эпическэй поэма тэнийбит сюжеттаах, сүдү уоба-
растардаах, хас эмэ көлүөнэ дьон олоҕун көрдөрүөн сөп.
Драматическай лирика драма көрүҥ быһыытынан сүрүн
уратытынан — дьоруойдар кэпсэтиилэрин тиһигинэн айыллар.
Уус-уран ньыма
Уус-уран ньыма — литература түөрүйэтин биир төрүт өй-
дөбүлэ. Бастатан туран, уус-уран ньыма диэнинэн ускуустуба
олоҕу ойуулуур-дьүһүннүүр сүрүн көрүҥнэрин (хайысхаларын)
ааттанар. Холобура, аан дойду литературатыгар реализм, ро-
мантизм, классицизм, сентиментализм айар уус-уран ньыма
сүрүн көрүҥнэрин быһыытынан биллэллэр.
Романтизм ньыматынан суруллубут уус-уран айымньы күү-
рээннээх сюжеттаах, сытыы ис хоһоонноох, киһи аймах улуу
мөккүөрдэрин түстүүр, быһаарарга холонор сырдык идиэйэ-
лээх буолар. Романтическай айымньыларга хорсун, өркөн өй-
дөөх, соҕотох охсуһааччы уобараһа хоһуйуллар. Романтизм
айымньытын чаҕылхай холобурунан саха литературатыгар
П. А. Ойуунускай «Кыһыл Ойуун» олоҥхо-тойуга буолар.
Реализм киһи, дьон уонна олох уустук ситимин, мөккүөрдэ-
рин дьиҥ олох эйгэтигэр киллэрэн көрдөрөр, ойуулуур. Реа-
лизм көрүҥнэрэ: сырдатар, критическэй, социалистическай.
Сырдатар реализм сыала — дьон өйүн-санаатын үтүөҕэ-
сырдыкка түмүү. Уобарастара: эҥкилэ суох чаҕылхай киһи
(«Кырасыабай кыыс»), киһи аатыттан ааспыт дьүһүн («Кэччэ-
гэй баай»).
Критическэй реализм киһи (дьон) дьылҕата эйгэ, олох уус-
тук, омсолоох дьайыыларыттан сатарыйыытын, алдьаныытын
ойуулуур («Олох оонньуура», «Манчаары»).
Социалистическай реализм сыала — социализм идиэйэ-
лэригэр, идеалларыгар дьон өйүн-санаатын тардыы, түмүү.
Олоҕу кырдьыктаахтык көрдөрүүттэн тэйитэн, оҥоһуу уобарас-
тарынан сэбиэскэй олоҕу, киһини үрдүттэн тупсарыы, киэр-
гэтии суолун тутуһуу. Сэбиэскэй кэмнээҕи, ордук 30—60 сс.,
саха литературатын үгүс айымньыларыгар көстөр.
Иккиһинэн, уус-уран ньыма диэнинэн айымньыга тыл күү-
һүн, кыаҕын, кэрэтин сатабыллаахтык туһаныы эгэлгэ көстүү-
лэрин ааттанар. Айымньы тыла-өһө — уус-уран тыл, ураты
ойуулуур-дьүһүннүүр тыл. Күннээҕи алтыһыыга, кэпсэтиигэ ту-
һаныллар тыл айымньыга судургу суолтатыттан тэйэн, ураты,
уус-уран ис номохтонор. Кини күүһэ — этэр ис номоҕор. Х о -
189