Page 187 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 187
гэ араарыллаллар. Сүрүн дьоруой айымньы мөккүөрүн тута
сылдьар, оттон ойоҕос дьоруой мөккүөргэ хайа эмит өттүнэн
киирэр, киллэһик суолталаах буолар. Биһирэбиллээх дьоруой
олох үтүө, кэрэ, киһилии өттүгэр тардыһар сырдык уобарас,
оттон омсолоох дьоруой олох түктэри, хараҥа өрүттэрин көс-
түүлэрин кэрэһилиир. Литературнай тиип — бүтүн көлүөнэ
дьон, социальнай араҥа бэлиэ өрүттэрин түмэр уобарас.
Уус-уран уобарас литературнай дьоруой өйдөбүлүгэр си-
ноним суолталаах. Ол эрээри уус-уран уобарас хайаатар да
киһини эрэ ойуулаабат, айылҕа көстүүлэрин, тыынар тыын-
наахтары тус суолталаан айымньыга киллэрии эмиэ уус-уран
уобарас буолар. Х о л о б у р: үгэ персонажтара, Өлүөнэ эбэ,
Муустаах муора уобарастара.
Айымньы композицията — айымньы чаастарын аттарыы,
ойууланар быһыы-майгы тутула, а. э. сюжет сааһыланыыта.
Айымньы тутула — уобараһы арыйыы биир сүрүн ньымата.
Айымньы тутула ойууланар быһыы-майгы төрүөттэниитинэн,
сайдыытынан, чыпчаалынан, сөллүүтүнэн таҥыллар.
Стиль — айымньы олоҕу көрдөрөр, сиһилиир, ойуулуур-
дьүһүннүүр, айар ньымаларын, тылын-өһүн уратыта.
Айымньы көрүҥэ (жанра)
Тылынан уус-уран айыы үгүс майгылаһар өрүттэринэн наар-
данан үс сүрүн көрүҥҥэ араарыллаллар: эпос, лирика, драма.
Эпос — олох көстүүлэрин, быһылааннарын уус-уран сиһи-
лээһинэн дьон-сэргэ (киһи) өйүн-санаатын, сиэрин-майгытын
көрдөрөр тэнийбит сюжеттаах, үксүгэр кэпсээн форматынан
суруллубут айымньы. Эпос сүрүн көрүҥнэринэн роман, сэһэн,
кэпсээн буолаллар.
Кэпсээн — биир, арыт хас да бытархай олох түгэннэрин
сиһилиир кылгас айымньы.
Сэһэн — биир киһи дьылҕатын ойуулуур, көрдөрөр айым-
ньы. Дьоруой олоҕо, дьылҕата атын дьон (дьоруойдар) быһы-
лааннарга көстүүлэринэн, сыһыаннаһыыларынан тыктарыллан
көрдөрүллэр. Кээмэйинэн, ойууланар персонажтар, быһылаан-
нар ахсааннарынан сэһэн кэпсээннээҕэр быдан улахан.
Роман — олох, быһыы-майгы, араас дьон дьылҕалара ха-
бырыйсыытын, арыт бүтүн көлүөнэ дьон, уопсастыба олоҕун
сытыы түһүмэхтэрин ырыҥалыыр, киһи, дьон-сэргэ уустук сы-
һыаннаһыыларын ойуулуур улахан кээмэйдээх айымньы. Ро-
187