Page 186 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 186

ЛИТЕРАТУРА ТҮӨРҮЙЭТИТТЭН

                        Уус-уран айымньы

    Уус-уран айымньы — уус-уран тылынан олоҕу ойуулаан,
чинчийэн көрдөрүү. Суругунан уус-уран айымньы чопчу аап-
тардаах, суруллубут формалаах, жанрдаах буолар. Олоҕу уус-
уран тылынан ойуулааһын литературнай дьоруойдар, уобарас-
тар сыһыаннарын тиһиктэринэн ситиһиллэр. Айымньы ааҕаач-
чыны олох араас мөккүөрдэригэр, киһи уйулҕатын хамсааһы-
нын дириҥ умсулҕаннарыгар киллэрэр ураты күүстээх. Ол
иһин уус-уран айымньыны олоҕу уобарастааһын күүһүнэн би-
лии мындыр оскуолатынан ааттыыллар.

    Айымньы тиэмэтэ — айымньыга туох туһунан кэпсэнэрэ.
    Айымньы ис хоһооно — айымньыга туох ис санаа, ис номох
этиллэрэ.
    Айымньы проблемата — дьон-сэргэ (уопсастыба) олоҕор
тыын суолталаммыт мөккүөрү көтөҕүү. А. Е. Кулаковскай
«Ойуун түүлэ» поэматын сүрүн мөккүөрэ (проблемата) — саха
норуотун дьылҕата, тыыннаах буолуу, атын үгүс норуоттары
сэргэ тэҥнээх дьон-сэргэ буолан олоххо киһилии олоруу. От-
тон айымньы проблематиката диэн сүрүн мөккүөрү куоһуур
айымньыга көтөҕүллэр атын кэккэ мөккүөрдэр. «Ойуун түүлү-
гэр» норуот дьылҕатын сыһыары айылҕа уонна киһи, айылҕа
уонна олох сайдыыта, икки атахтаах аһара үөскээһинэ, омук-
тар сыһыаннаһыылара, сэрии, өлүү уонна олох, онтон да атын
олох мөккүөрдэрэ көтөҕүллэллэр.
    Айымньы идиэйэтэ — айымньы сүрүн санаата. Ааптар
туох сыаллаах-соруктаах, тугу этээри, ханнык өйгө-санааҕа,
мөккүөргэ дьон-сэргэ санаатын түмээри турунан суруйбута
айымньы сүрүн санаата буолар. «Ойуун түүлүгэр» айымньы
сүрүн санаата — норуот тыыннаах хаалар, дьон тэҥинэн сай-
дар, киһи-хара буолар суолун көрдөөһүн уонна ону тобуларга
дьулуһуу.
    Айымньы сюжета — быһыы-майгы, быһылаан тиһиликтэрэ.
Айымньыга олох ханнык өрүттэрэ ордук чорботон сиһилэнэл-
лэриттэн тутулуктанан сюжет араастарын араараллар: исто-
рическай, романтическай, олох-дьаһах, мүччүргэннээх, детек-
тивнэй уо.д.а.
    Айымньы дьоруойа (литературнай дьоруой) — уус-уран
айымньыга ойууланар киһи. Литературнай дьоруой сүрүн, ойо-
ҕос, биһирэбиллээх, омсолоох, муммут, идеальнай диэннэр-

 186
   181   182   183   184   185   186   187   188   189   190   191