Page 188 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 188
маҥҥа биир кыһалҕанан ситимнэммит хас да сюжетнай кил-
лэһиктэр баар буолаллар.
Драма — «сценаҕа оонньоон көрдөрөргө анаммыт, дьон
кэпсэтиитин ситиминэн айыллыбыт уус-уран айымньы, оон-
ньуу» (Софронов А. И.). Дьон майгыта-сигилитэ драмаҕа дьа-
йыы, тыл-өс нөҥүө бэриллэр. Көрүҥнэрэ: комедия, трагедия,
драма.
Драма (пьеса) — «трагедия уонна комедия икки ардылары-
гар турар, күннээҕи олох утарсыыларын, киһи уонна уопсас-
тыба хайдыһыыларын көрдөрөр айымньы» (Окорокова В. Б.).
Комедия — ааҕааччыны, көрөөччүнү олох барбах көстүүлэ-
рин, киһи кэдэрги майгытын сытыытык ойуулаан күллэрэр,
дьон-сэргэ дьүүлүгэр таһаарар айымньы.
Трагедия — эйэлэспэт өй-санаа, тыҥааһыннаах быһыы-май-
гы уустук көстүүлэринэн ойууланар, үксүгэр хобдохтук (өлүү-
нэн, эстиинэн) түмүктэнэр оонньуу.
Резонёр — драмаҕа ааптар олоххо сыһыанын, идиэйэтин
биллэрэр персонаж. Резонёр, омос көрдөххө, быһылаан сай-
дыытыгар улахан суолтата суох курдук ойоҕос дьоруой, ол
эрээри кини айымньы ис номоҕун, күүһүн тута сылдьар уоба-
рас. Х о л о б у р а, Күлүк Сүөдэр, Баһымньы.
Ремарка — драмаҕа ааптар быһаарыылара: быһылаан буо-
лар сирэ, эйгэтэ, оонньуур дьон уратылара (сааһа, таҥаһа,
көрүҥэ), сороҕор ис туруга.
Реплика — дьоруой атын сиргэ (уоһун иһигэр) саҥата.
Лирика — уйулҕа, иэйии хамсааһынынан суруллубут айым-
ньы. Лирика сүрүннээн хоһоон форматынан айыллар. Лирика
соҕотох уобараһа лирическэй дьоруой дэнэр. Лирикаҕа хо-
һоон, ода, баллада уо.д.а. киирэллэр.
Хоһоон — киһи ис туругун, уйулҕатын ураты күүстээх хамса-
аһынын: долгуйуутун, айманыытын, үөрүүтүн, онтон да атытта-
ры биэрэр тэттик айымньы.
Ода — өрөгөйдөөх, уруйдуур-айхаллыыр айымньы.
Баллада — сюжеттаах, ханнык эмит дьиҥ олох көстүүтүгэр
сыһыаннаах, киһи уйулҕатын эҥсилгэнинэн суруллубут айым-
ньы.
Новелла — дьоҕус кэпсээн, ол эрээри ис хоһооно тэтим-
нээх, бүтэр түмүгэ соһуччу буолар.
Лирикаҕа өссө хас да жанр бэлиэлэрин түмэр лиро-эпи-
ческэй поэма, драматическай лирика киирсэллэр. Кинилэр
хоһоон форматынан суруллаллар, ол эрээри быһылаан тиһик-
тээх, өрө күүрсүүлээх, дириҥ мөккүөрдээх буолаллар.
188