Page 182 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 182
Кыһыл Ойуун
(үөһэ көрө-көрө).
Эрэнэбин-итэҕэйэбин!!!
Эрэнэбин-итэҕэйэбин!!!
(дүҥүрүн охсо-охсо)
Доом-эрэ-доом!!!
Иккиэн
(ыллыыллар).
Имэҥнээх илбистээх
Иккичэй атахтаах!
Өрөгөй төлөннөөх
Өйгүнэн өлүмэ!
Дьоллоох олох кэлэр,
Дьоһун соргу тупсар,
Сордоох-муҥнаах дьоммут
Соргута улаатар,
Самныбат саргыбыт
Саһарҕата тахсар,
Көрөр харах сырдыыр
Көмүс көҥүл кэллин!
Хааннаах хабаланан
Хамначчыт аймаҕы
Хаанынан ытаппыт
Хара дьай, халбарый!
Кыргыһыылаах олох
Кырыыстыын кыйданан,
Батталлаах олохпут
Баайдардыын баранан,
Эрэй-буруй эстэн,
Эҕэрдэбит элбээн,
Уһун тускул турдун!!!
Уруй уруйдуубут!!!
Күлүм-чаҕыл түспүт,
Күндү симэх үүммүт
Көҕөрөр хонуулаах,
Көстөр туруу дойду
Ытыыры көрбөтүн,
Ынчыгы билбэтин.
Имэҥнээх илбистээх
Иккичэй атахтаах!
Өрөгөй төлөннөөх
182