Page 169 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 169

ҮҺҮС ООННЬУУТА

Күһүн. Оруос Баай дьиэтэ. Суоруулаах балаҕан. Айгыраабатын диэн эрки-
нин аайы аҕыстыы баараҕай-балтаххай баҕаналардаах. Айгыраспыт-хаҥырас-
пыт оһуор ойуулаах алтан көхөлөрдөөх. Ойуулаах-оһуордаах сүлүүдэ түннүк-
тэрдээх. Бастыҥ оронноро бөрө тириитэ олбохтоохтор, атах оронноро эһэ
тириитэ сабыылаахтар. Үстүү атахтаах төгүрүк сандалы маҥан остуоллар ту-

                 ругуран тураллар. Хаҥас диэки хара дьиэ аана көстөр.

                                                I

                                    Оруос Баай

                                              (соҕотоҕун олорор).

                     Орто дойду олоҕо уларыйда,
                     Одун хаан ыйааҕа умнулунна,
                     Тимир үйэ тиийэн кэллэ,
                     Тиистээх-тыҥырахтаах элбээтэ.
                     Сир-халлаан ыйааҕын тутаары,
                     Сир халлаан оҥоруутун холбоору,
                     Кыра кыыспын, Айыы Куону,
                     Кыырай халлаан кылаан бэрдигэр,
                     Орой-буурай Орулуос Дохсуҥҥа,
                     Ойох биэрэн, уруулаһан эрэбин…
                     Тиистээх-тыҥырахтаах тимир үйэнэн
                     Тилэх тэпсэн, күөн көрсөн,
                     Биирбит өрөгөйө үрдээтин,
                     Биирбит соргута умустун!

                                                  (тохтуу-тохтуу)

                     Саһыл Ойуун сааһым тухары
                     Санаабын билэрэ, суолбун ыйара.
                     Кини кэллэр, кэпсээнин истэн,
                     Кэскили тэринэн, олоҕу оҥорон,
                     Санаабыт санааны салайыллыа этэ,
                     Саргы-дьаалыны тупсарыллыа этэ.
                     Утары көрбүтү умсары көрдөрөрүм,
                     Улуу бэртэри уодьуганнарын тардарым.
                     Уһуктаахха түбэһэн уолдьастаҕым,
                     Үйэм аастаҕа, кэскилим кэҕиннэҕэ,
                     Үүнэр үйэ өркөнө үтүрүйдэҕэ…
                     Түүллүүн-биттиин түлэгэдийдим,
                     Түлүөс-балаас түһэн бардым…

                                                                                                                                     169
   164   165   166   167   168   169   170   171   172   173   174