Page 154 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 154
Арчылаах алгыһым
Дорҕоонноох тойугу туойан,
Домноох илбис буоллун!
Хамначчыт хара норуотум
Хараҕа сырдаатын!
Тоҕус добун маҥан халлаан
Тоҥсук-илбис бииһин
Салбанар-сараһын дьайын
Сарбаҥныы олорор
Түптүйэ үөдэн түгэҕэр
Түҥнэри тэптэҕим…
Өҕүргэннээх уот төлөннөөх
Өҕүрүйэр үөдэн
Адьарай биис аймахтарын,
Аппаҥныыр дьайдарын
Оһоллоох орто дойдуттан
Ойор одун халлаан
Үрдүгэр өрө үтэммин,
Үллэр үрүҥ илгэ,
Алгыстаах атыыр дьайданан,
Аан ийэ дайдыбын
Аныйан-албаан көрдөҕүм…
Доом-эрэ-доом!!!
Дүрбүөннээх дүҥүр дүрбүйэн,
Дүрбүөн-сата туран,
Дьаргыл таас былаайах оонньуур
Дьааһык киэһэтэ дьайдын!
Хаҥыл дьай иирбит илбистээх,
Хааннаах айах хапсар
Үс үллэр үөдэни аһан,
Үстэ өҕүрүтэн,
Оһоллоох орто дойдуну
Очурун тоһутар,
Баайдарын барыкка тэбэр,
Батталларын барыыр,
Дүрбүөннээх дүҥүр дүрбүйдүн,
Дүрбүөн-сата турдун!!!
Дьаргыл таас былаайах оонньуур
Дьааһык киэһэтэ кэллин!
Доом-эрэ-доом!!!
154