Page 153 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 153
Иирэр илбис имэҥинэн
Истэр-билэр гына этиэм дуо?!
Хааннаах хабала дьайдаммыт,
Хара кырыыска хайыҥнаспыт
Кулут-кумалаан олоҕо
Кубулуйар сокуонун этэр,
Хааннаах хапсар айаҕыттан
Хаһыытыыр хаҥыл дьай төрөтөн,
Өлбөт төлөн өрөгөйдөөх
Өҕүллүбэт өргөс тыллыам дуо?!
Орто аан дойдум олоҕо
Оһоллоох уйата долгуйар
Хааннаах дапсыыр турдаҕына,
Хаантан харбат, бөлүөхтэн бөппөт,
Күрсэр илбис сүлүһүннэммит,
Күлэр эмэгэт күүстэммит,
Охсор обот уот болотунан
Оонньуур болуо сүрэхтиэм дуо?!
Доом-эрэ-доом!!!
Ким, саныыр санаатын саргы иннигэр,
Кырыыска ылларбыт кыра дьонун
Өлбөт өрөгөй өйүн сырдатан,
Өрө көтөҕөн, ыллыгын ыйбыт,
Өркөн-төлөн илбистээх идэнэн
Өлбөт өрөгөй тылын тыыннаабыт,
Айар санаатын күүһүн көрдөрбүт —
Аан дайдыбар аата ааттаныа дуо?!
Доом-эрэ-доом!
Хааннаах далай ытыспынан
Хара норуот хараҕын аһан,
Көрбөт хараҕын көрдөрөн
Көҥүл уотун күлүмнэтиэм дуо?!
Алгыстаах тылбынан албаан,
Алдьархайдаах айыы аймаҕын
Оһоллоох одун олоҕун
Огдолутар оҥорторуом дуо?!
Доом-эрэ-доом!!!
Алдьархайдаах аан дайдыбар
Ахтар айыым дьоно
Ытыыр-ынчыктыыр күнүгэр,
Ымыы чыычаах буолан,
Алдьархайтан аралдьытар
153