Page 148 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 148
йан эрэр дьахтары, мунньаҕы салайдын диэн, бэрэссэдээ-
тэл таллылар, учууталы көрдөһөн суруксут оҥордулар. Бэрэс-
сэдээтэлинэн талбыт дьахтардара, аргыый аҕай сыылан кэ-
лэн, остуолга чөмчөйөн олорон кэбистэ. Дьэ, били устуруук-
тар дьахтар туран араатардаабытынан барда. Кини, этэрин
былаһын тухары, дьахтар урукку кэмҥэ батталга олорбутун,
аны хайдах сэбиэскэй былаас туругуран дьахтар эр киһини
кытта тэҥнэспитин, быһатын эттэххэ — наар дьахтары хайҕаан,
кичэйэн, бэркэ диэн сүрэҕиттэн-быарыттан санаан, кыһанан
туран эттэ. Дьахталлар астыннылар быһыылаах.
«Дьэ, үчүгэйдик да ыпсаран этэр кыыс, доҕор», — диэн
Ылдьаана иһигэр хайгыы олордо. Үөрэҕэ да бэрт буоллаҕа.
Устурууктар этэн бүтэрбитин кэннэ ыйытыы буолла. Инники
олорбут дьахталлар ону-маны мээлэ ыйыттылар. Ылдьаана
эмиэ тугу эрэ ыйытаары гынан эрдэҕинэ, Уһун Дьурантаайы
оҕонньор, дьон кэнниттэн көкөс гынна, уһулу ойон туран эттэ:
— Эн, табаарыс устурууктар, ити дьахтар эр киһини кытта
тэҥнэһэр диэн этэҕин, дьахтар үтүөтүн таһаараҕын. Ол гынан
баран мин биир суолу эйигиттэн ыйытаары гынабын. Ол сөп
буолуо дуо?
— Дьэ, тугу ыйытаары гынаҕын, эт, — диэтэ устурууктар.
— Ээ, ити оҕонньор туох эрэ дьиибэни ыйытаары гына-
ра буолуо. Сымыйанан киниэхэ тылы көҥүллээтигит, — диэн
учуутал сибис гынан эттэ. Ол икки ардыгар, кырдьык учуутал
эппитин курдук, Уһун Дьурантаайы бэрт быдьардык ыйытта.
Онуоха дьахталлар саҥалара аймана түстэ, устурууктар буол-
лаҕына кыыһыран иҥин хаана кытарда. Онтон, туох да бокуойа
суох, дьахталлар оҕонньору таһырдьа анньарга эттилэр. Инньэ
гынан, Уһун Дьурантаайы оҕонньор куукунаҕа унньулус гынан
хаалла. Кини тылыттан дьахталлар бэркэ диэн өһүргэннилэр,
абардылар. Бэрэссэдээтэл дьахтар Уһун Дьурантаайы куһаҕа-
нын хостоон этээри гыммытын устурууктар дьахтар буойан
кэбистэ. Ол аймааһын кэнниттэн мунньах сүнньүнэн барда,
дьахталлар мээлэ элбэҕи кэпсэттилэр. Устурууктар дьахтар
сайдан туран Лениҥҥэ, Үһүс Интернационалга тиийэ сэһэр-
гээтэ. Дьахталлар истэриттэн нэһилиэк Сэбиэтигэр кандидат
туруортаатылар. Ылдьаананы кандидакка эмиэ туруордулар.
Ону, кини эрим сөбүлүө суоҕа дии санаан, аккаастанан көр-
бүтүн төрүт ылымматылар.
Киэһэ хараҥа буолуутун саҕана, Ылдьаана дьиэтигэр кэллэ.
Эрим кыыһыран мөҥөр эрэ диэн, куттана-куттана дьиэтигэр
киирдэ. Эрэ дьиэтигэр суох эбит, арай ньаадьыта Ааныска
эмээхсин хоно сытар эбит.
148