Page 147 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 147
дьахтар дьүһүнүн, таҥаһын-сабын, хайдах туттунарын, саҥара-
рын, сирэйинэн төһө үчүгэйин, урут билбит киһи быһыытынан,
Маайа сиһилии кэпсээн биэрдэ. Ол кэпсээни Ылдьаана бэркэ
кэрэхсии иһиттэ.
Оскуола таһыгар кэлбиттэрэ — сэргэҕэ хас да сыарҕалаах
аттар баайыллан тураллар эбит. Дьахталлар ааҥҥа тиийэн
атахтарын тэбэнэ турдахтарына, дьиэттэн биир хара дьүһүн-
нээх тэллэх ыта сүүрэн тахсан, туох да эппиэтэ суох, үрэн ньо-
лугураата. Ылдьаана куобах истээх билиис сонун тэллэҕиттэн
ытыран баран, тэбинэ-тэбинэ тарта. Онуоха дьахталлар соһу-
йан мээлэ хаһыытастылар. Хаһыыны истэн, дьиэттэн остуорас
уол ойон тахсан, тэллэх ытын саҕатыттан ылан баран, ыраах
чигдигэ кыыратан кэбистэ. Онуоха тэллэх ыта, көрдөөбүппүн
ыллым ээ диэх курдук, ханна эрэ саҥата суох наадатыгар сүү-
рэн бэйбэрийэ турда. Дьахталлар сааҕынаһан-суугунаһан дьиэ-
ҕэ киирдилэр. Ылдьаана, бэргэһэтин, былаатын устан баран,
өйдөөн көрбүтэ, аан хоско хас да дьахтар кэлэн олорор эбит.
Дьэ, бары табах тардан унаарытыы, сорохтор хос ааныгар
үмүөрүһэн тугу эрэ көрөллөр.
Мунньах эрэ иннинэ, аргыый үөмэн, сэрэммит киһи быһыы-
тынан, уһун Дьурантаайы диэн ааттаах кырдьаҕас акыҥнаан
киирдэ. Туох да эппиэтэ суох, оҕонньор бэргэһэтин устан ба-
ран, анараа хоско үөмэн киирэ турда, ол киирэн баран, уҥа
муннук диэки өрө көрөн баран, таҥараҕа кириэстэннэ.
— Бу оҕонньор дьахтар мунньаҕар эмиэ тоҕо кэллэ? — дэс-
тилэр дьахталлар.
— Бэй, хайдах кэлбэт буолуомуй?! Ол курдук кистэлэҥнээх
мунньах дуо? Куоластаах киһи син сылдьар ини, — диэн ба-
ран, оҕонньор устурууктар дьахтарга тиийэн дорообо биэрдэ,
ол кэннэ эттэ:
— Дьэ, эн, табаарыс устурууктар, кэпсээниҥ? Туох сонун
баарый? Куорат хайдах туох олорор? — диэн кэпсэтэн ис-
тэҕинэ, дьахтара, халыр-мүлүр кэпсэтэн баран, туран мунньах-
тыыр хоско киирэн барда. Кини кэнниттэн дьахталлар эмиэ
батыһан киирдилэр.
— Табаарыстар, олорон кэбиһиҥ, — диэтэ учуутал, тоҕо эрэ
күлэн баран. Онуоха дьахталлар бары тула олорон кэбистилэр.
Биһиги Ылдьаанабыт дьон кэнниттэн устурууктар дьахтары
тобулу одуулаһа олордо.
«Барахсан таҥаһа-саба тоҕо баҕас ырааһай, бэйэтэ даҕаны
дьүһүнүнэн богдо соҕус кыыс эбит. Дьэ, тугу эрэ этэн таһаа-
рар», — диэн кини чөрбөйөн иһиллээн олордо. Биир аҕамсы-
147