Page 143 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 143
Тыымпы күөл кытыытыгар хара тыаттан көтөн түстүм. £йдөөн
көрбүтүм, били бокуонньук, Былатыан оҕонньор, эбэтин кы-
тыытыгар кэлэн турар эбиппин. Кырдьаҕаспын кэриэстии са-
наан, кини отуута турбут тумулугар бардым.
Тиийэн көрбүтүм — оҕонньорум хатырык отуутун онно эрэ
харааран хаалбыт. Кырдьаҕас тиит анныгар хас да алдьанан
хаалбыт туу сүрэхтэрэ ыһылла сыталлар эбит. Күөл диэки эр-
гийэн көрбүтүм: били оҕонньорум тыыннааҕар миинэр тыытын
түгэҕэ эрэ маҥхайан сытар. «Ок-сиэ, оҕонньор эрэйдээх, аата,
имниин эһиннэҕэ. Аны Тыымпы күөлү икки атахтаах сирэйдиир
да үһүө», — диэн курутуйа саныы-саныы, мин тыа диэки тахсан
истим. Күөл сыырын тахсаат, өйдөөн көрбүтүм — арай тыа
иһигэр бурдук ыспыт солооһун баар буолбут. Күөх куоластам-
мыт бурдук, ииччэх киирбэт гына, өрө анньан тахсыбыт эбит.
«Көр, манна бурдук үүннэрбиттэр эбит ээ. Бу Былатыан
оҕонньор уола ыстаҕа», — диэн сэрэйэ-сэрэйэ, мин, бурдук
күрүөтүн төгүрүйэ хааман иһэн, кыра чочур үрдүгэр өлбүт киһи
кириэһэ турарыгар иҥнэ биэрдим. Били оҕонньор эрэйдээҕи
манна көммүттэр эбит. £ллөхпүнэ, эбэм кытыытыгар көмөөрүҥ
диэн кэриэһин эппит буоллаҕа.
Оҕонньор уҥуоҕун аттыгар туран эрэ күөлү көрбүтүм, са-
йыҥҥы күн уотун сардаҥатыгар уу күөх толбоно күлүмнээн
көстүбүтэ дьэ көрүөххэ кэрэ этэ.
Балыксыт Былатыан эбэтин таптыан да таптаабыт эбит.
? Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Кэпсээни саҕаланыаҕыттан «Хатырык отуу иһигэр ким да
баара биллибэт» диэҥҥэ диэри болҕомтолоохтук аах. Ки-
нигэҕин сап.
2. Ол эрээри манна ким эрэ олороро сэрэйиллэр. Бэйэҥ сэрэ-
йиигинэн Тыымпы күөл олохтооҕун туһунан «Ааҕыы суру-
наала» диэни толорорго бэлэмнэн. Онуоха тэтэрээккэр үс
кэккэлээх табылыыссата оҥоһун. 1-кы кэккэҕэ сүрүн дьо-
руой сааһа, тас көрүҥэ, дьарыга, олоҕо-дьаһаҕа, майгыта-си-
гилитэ диэн (туруору кэккэнэн) суруй, 2-с кэккэни «Мин
сабаҕалааһыным» диэн ааттаа уонна инники суруллубуттар
тустарынан кылгастык бэйэҥ санааҕын суруй.
3. Суруйан бүтэрэн баран салгыы кэпсээни бүтүөр диэри аах
уонна дьоруой туһунан тугу билбиккин тиэкиһинэн сирдэ-
тэн дьиҥнээҕин 3-с кэккэҕэ суруй. Ону «Кэпсээни бүтүннүү
аахпыт кэннэ» диэн ааттаа.
143