Page 151 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 151
Кыһыл Ойуун
Олоҥхо-тойук
«Кыһыл Ойуун» маҥнайгы харата суруллубута 1918 сыллаа-
ҕы ахсынньы 28 күнүгэр Казанка диэн дэриэбинэҕэ. Онно
билбитим тыл илбиһэ күүстээҕин. Суруйар бириэмэбэр, аһыы
олорон испэр ыллыы-ыллыы, тылларын дьүөрэлээн тупсара-
чочулуу олорор буоларым. 1919 сыллааҕы сэтинньи ый 26 кү-
нүгэр дылы түөрт төгүл харатын уларытан, киэргэтэн суруйбу-
тум. Түүннэри-күннэри суруйар этим. Доруобуйам онно ордук
алларыйбыта. Ол эрээри тылынан айар илбистээх муҥуттан,
хомуһуннаах дьайыттан куттаныахха, дьулайыахха төрүт сөбө
суох. Айар тыл абыгар ылларбыт, этигэр-хааныгар илбистээх
хомуһун иҥмит киһитэ бу сир үрдүгэр бэйэтин дьоллооҕунан
ааҕыныах тустаах. Күөдьүйбүт тыл, дьүһүннэммит санаа биир-
дэ этиллибэт, нарын үчүгэйдик суруллубат. «Кыһыл Ойуун»
маҥнайгы үрүҥүн суруйбутум Дьокуускайга кэлэн баран,
1920 сыллааҕы атырдьах ыйыгар. 1921 сыллааҕы сайын соҕу-
руу дойдуттан иккис кэлиибэр иккиһин үрүҥэр таһаарбытым,
быһыытын көннөрбүтүм. Ол да буоллар, санаам толору астым-
мат этэ. Онон 1922 сыллааҕы сайыҥҥа, Сэргэлээххэ ыары-
тан сытаммын, тылларын көннөрө-көннөрө, хат чочулаабытым,
идэтин толору эппитим.
Айар тыл төлөнө, умулла-умулла, күөдьүйэр эбит. Саныыр
идэҥ суруллар дьүһүнэ күлүмнүү-күлүмнүү, сүтэ-сүтэ, хат төрүүр
эбит. Биир бириэмэҕэ этэр тылынан илбиһирэн, хомуһуннаах
тойугу туойан баран, күүһүҥ-күдэҕиҥ баранан, өйүҥ-санааҥ
ыаммыт курдук кураанахтанан, хат ыанньыйыаххар дылы элбэх
бириэмэҕэ дьүөрэ тылы эппэккэ, хомуһуннаах тойугу туой-
бакка сылдьыаҕыҥ. Сынньана-сынньана, саныы-саныы тылла-
рын чочулуугун, дьүөрэ хоһоон быһыытын тупсараҕын, дьүһүнүн
нарынныыгын. Саҥа үөскүүр хоһоонноруҥ дьүһүнэ күлүмнээн
көстө-көстө сүтэр, илбистээх дьүөрэ тылларыҥ төлөнө умул-
ла-умулла күөдьүйэр, ыанньыйыаххар дылы. Ол бириэмэҕэ са-
ныыр санааҥ айманар-алдьанар, киҥиҥ холлор, майгыҥ-си-
гилиҥ уларыйар.
Онтон кэннинэн кэхтиэххэ сатаммат…
«Кыһыл Ойууну» бүтэрдэҕим дии санаабытым. Крымҥа оло-
рон, тупсара-тупсара, үрүҥэр таһааран баран. Иккиһин көрөн
кыра-кыратык көннөрбүтүм уонна эппитим эрэ диэн баар —
«Аан маҥнайгы көстүүтүн» ити кэннэ «Бүтүүтүн» суруйбутум
быйылгы 1925 сыллааҕы олунньу ыйга.
151