Page 137 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 137
Бу хара тыа ортотугар төгүрүк тыымпы күөл кубарыйан, дол-
гулдьуйан көстөр.
Хара тыаҕа тэһийиминэ, тыымпы күөл кытыытыгар көтөн
түстэххэ, ханан даҕаны хонуу диэн хадьааһын көстүбэт, арай
күөл кытыытыгар муҥур куруҥ буолбут тииттэр, синньигэс
бииллэригэр диэри ууга түһэн, мултуһан тураахтыыллар, ки-
нилэри көрдөхпүнэ, сүрэҕим ыалдьар, кутум-сүрүм тэһииккиир
буоллаҕа үһү.
Күөл күөл курдук.
Собоһут кыылым уйата, дьиикэй омук арбайбыт баттаҕын
сытыы быһаҕынан быһа баттаан ылан муҥур тиит оройугар
иилэн кэбиспиттэрин курдук, харааран көстөр. Чочумча соҕус
буола-буола, собоһут кыылым, арбайбыт уйатыттан көтөн тах-
сан, хара кынатыгар уйдаран, талбаара көтөн, күөлгэ эргийэр,
ол кэнниттэн сотору мэлийэн хаалар. Собоһут кыылым, сор-
суйан хаалан, туох эмэ саҥа дорҕоонун курдугу иһитиннэриэ
диэн эрэнимэ.
Ол эрээри айыы дойдута буолан баран хайдах туох даҕаны
саҥа аллайар, киһи хараҕа таптыы көрөр кыыла, көтөрө суох
буолуой?
Көрүҥ эрэ! Күөл хаба ортотугар хара тумустаах, кыһыл атах-
таах, үрүҥ көмүс түүлээх, хааҕырҕаан саҥарар хопто кыылым
устан кылбайа сылдьар.
Тыыраахы көтөрүм, иннэ суптуйан, кэннэ сарайан, бүтүн-
нүүтэ кынат, түү иччитэ буолан баран, мас ойуун курдук, күөл
үрдүгэр кукунайа-кукунайа, ууга суптурута түһэн ылар. Ол кэн-
ниттэн тута үөһэ халлаан диэки өрө көтөн тахсан, тыыраахы-
лыы тыҥкынаан, ытаан-соҥоон муҥнанар эбит, оҕолоор! Кил-
биэннээх киэҥ халлаан оройуттан көрөн турар аламай маҥан
күҥҥэ үҥэрин билбэтим, ол эбэтэр хара орохтоох систээх
мунду балыгы сыыһа харбаан, онтон абаран ытыырын-соҥуу-
рун билбэтим ини, доҕор!
Бу маннык бэйэлээх күөх толбон буолан көстөр тайҕа кэ-
рии тыа хаба ортотугар сатыы былыты саататар, аламай күнү
аралдьытар, килбиэннээх киэҥ халлааным күлүгүн төгүрүччү
тардан ылан, төгүрүк сиэркилэ таас буолан сытар тыымпы
күөлүм кытыытынан иэгэйэр икки атахтаах биирдэ эмэтэ, сыл
баһыгар-атаҕар, хара тыам булдун эккирэтэ, сылдьан ааһара
буолуо дуо? Ол эрээри ханна даҕаны күөх далай, хара тыа
иччитэ суох буолбат.
Тыымпы күөлүм арҕаа булуҥун түгэҕэр, ыччат мастаах ту-
мулум уһугар, киэһэ аайы бур-бур буруо унаарыйан көстөр
буоллаҕа.
137