Page 132 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 132

(дьиэ ортотугар быһаҕынан анньыныах курдук турар). Өлбүт
кэннэ аньыы суох. Аньыы диэн саат, саат диэн суобас. (Тох-
туур.) Биирдэ сырдык, биирдэ хараҥа!.. (Тахсаары туран.)
«Олох оонньуура» диэн бу аата буоллаҕа. (Түргэнник тахсар.)

                                     УОН ҮҺҮС КӨСТҮҮТЭ

                                           М а а п п а, Т и и т э п.
                                            Чочумча ким да суох.

    М а а п п а (киирэн, дьиэҕэ ким да суоҕун көрөн баран, ай-
манан Тиитэби ыҥырар). Тиитэп! Кэл эрэ, манна ким да суох.

    Т и и т э п (киирэн Мааппаны кууһар). Аҕаҥ барбыт дуу?
    М а а п п а (куустуһан туран). Таһырдьа таҕыстаҕа буолуо.
Эн аҕаҥ кэлэ сырытта, тугу эрэ кэпсэттилэр буолла?
    Т и и т э п. Баҕар, биһигини кэпсэппиттэрэ буолуо. Субу
курдук таптаһар дьону туох араарыай. (Ууруур.)
    М а а п п а. Аан дойду олоҕо үчүгэй даҕаны, бу иһин даҕа-
ны киһи төрүүр-үөскүүр эбит. Орто дойду олоҕун дьоло диэн
бу буоллаҕа… (Куустуһан тураллар, таһырдьа хаһыы иһиллэр:
«¤уу-уу! Бу тугуй? Кэл-кэл! Көмөлөс, киллэрэ охсуох!» Тии-
тэптээх Мааппа соһуйбут курдук тураллар.)

                                   УОН ТӨРДҮС КӨСТҮҮТЭ

   Уруккуларга Б а һ ы м н ь ы, У й б а а н, х а м н а ч ч ы т. Уйбааны көтөҕөн
        киллэрэн, ороҥҥо сытыараллар, таҥаһа хааннаах, көбүөхтүүр эрэ.

    Б а һ ы м н ь ы. Тойонум барахсан… Туох кэбин кэбилэннэ
буолла, биигэ… Биигэ дэҥнэммит. Оо, тойон таҥара, абыраа
даа. (Эппэҥнии-эппэҥнии, баһын саба туттан турар.)

    У й б а а н (хараҕын көрөр, баһын өрө көтөҕөр). Тукаам!
Мааппа! Кэл эрэ…

                                        Мааппа аргыый чугаһыыр.

    У й б а а н (нэһиилэ). Хоргутума, миигин бырастыы гын.
Таптыыр киһигэр Тиитэпкэ эргэ таҕыс! Кырдьык, сүрэхпиттэн
этэбин… Тукаам, хаһан да киһи ордугар ымсыырбат буол…
(Улаханнык тыынын былдьаһан.) Кууһума оҕонньор ампаарын
мин алдьаппытым, үбүн мин ылбытым… Ону бука бары ис-
тиҥ!.. (Нусхас гына түһэр.)

    Х а м н а ч ч ы т (туппахтаан көрөн баран). Уҥна ээ, бадаҕа…
    Б а һ ы м н ь ы (дьиэ ортотугар туран). Орто дойду дьонун
ахсааныттан биир итэҕэс буолла. Абааһыларга биир абааһы
ордук буолла. Дьааһык киэһэ… Олох обургу оонньуура оннук…
(Хатаннык күлэр.) Ытыыр икки күлэр икки аҕас-балыс буолар…

 132
   127   128   129   130   131   132   133   134   135   136   137