Page 129 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 129
гынар буоллаҕа үһү. Ити курдук туох санаа киирэрэ буолла?..
Ок-сиэ, мин сыыһа да олоҕу олордум. Туох буолан буруйа
суох киһини уган биэртим буолуой… Ыарахан аньыыны-буруйу
оҥостуннум быһыылаах. Ол да иһин таҥара бу курдук накаас-
таан эрдэҕэ буолуо…
ТОХСУС КӨСТҮҮТЭ
У й б а а н, Б о л т о һ о.
Б о л т о һ о (киирэн тоҥхох гынар). Тойон, дорообото тут.
У й б а а н. Тоҕо кэллиҥ?
Б о л т о һ о. Тотоойобун диэн тойоммор тобулу тоҥхоҥ-
ноон кэллим. Аччык буолан, аһаайамый диэн алчаҥнаан ада-
ҕыйдым. Астан атын ааттаһыым суох, арыһыйыма…
У й б а а н. Киирдэ-киирээт, ол-бу диэн уҕалдьылаама, до-
ҕор. Эйиэхэ хас кэллэҕиҥ аайы айах тутар иллэҥ киһим да
суох. Үгэтэ-хоһооно да суох сырыт.
Б о л т о һ о. Үгэ диэки үгэстэммэтэх үүсээҥибин, үссэнэр
эрэ үтүөтүн өйдүүбүн. Абааһы көрдөххүнэ, атахтаахпын, ааһыам
буоллаҕа дии, ааһа куттаныма. Аан дойду олоҕо араас адыр-
ҕайдаах, улуу дойду олоҕо оннооҕор буолуох уһуктаах, дол-
гуннаах буолар. Кэмэлдьи кэдэргитин иһин, киһи эрэ кэскилэ
биир буолар. Ас буллахпына аһыыбын, этим ыарыйдаҕына сы-
табын, өлөр кэллэҕинэ көмүллүөм, онон олох чааһа уурайар.
У й б а а н. Соруйан миигин үөҕэ-мөҕө кэлбит эбиккин дии.
Үөҕэн санааҥ туолбут буоллаҕына, бу дьиэттэн таҕыс!
Б о л т о һ о. Хонуом суоҕа, хоһулайыма. Найыланыам суоҕа,
наадыйыма, бэйэм даа тахсыам. Билигин эрэ баарбын диэн
алыс киэбирэҕин ээ!..
У й б а а н. Ону эн киэбирдимэ ээ!..
Б о л т о һ о. Киэбирэриҥ тохтуо даҕаны, оннооҕор ат түөрт
атахтаах эрээри бүдүрүйэр. (Тахсар.)
ОНУС КӨСТҮҮТЭ
У й б а а н.
У й б а а н (туран түннүгүнэн көрө туран). Олох обургу ону-
маны иһитиннэрэн эрэр ээ. Ити киһи миигиннээҕэр эмиэ ыраах
ордук. Туох да санаата-оноото суох талбытынан саҥара сы-
рыттаҕа. Сөпкө даа этэр ээ. Быһыыта, киһи барыта бэйэтин
туһугар бэйэтэ өйдөөх ээ. Миигин ким да куһаҕан суолунан
байбыта диэбэтэ буолуо, ол эрээри дьэ бу санаабар улахан
ыарык-баттык буолла. Ол да санаа баттаан бу айылаах буол-
129