Page 126 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 126
муҥ диэтэҕиҥ. Мин хамначчыттарым дьон алыстаан эрэллэр:
төһөлөөх иэспин дьон сиэбитин таҥара билэр.
У й б а а н. Дьэ оннук. Баай, үп босхо көстөрүн курдук са-
ныыллар.
М ы р б а с. Акаары дьон оннук саныыллар, билэллэр диэ-
тэҕиҥ дуу. (Тохтуур.) Хайа, Уйбаан, били мин наадабын кэпсэ-
тиэхпит дуу?
У й б а а н. Дьэ, кэпсэттэхпит. Туох үгүс кэпсэтии баар буо-
луой? Урукку кэпсэтии быһыытынан буолуо буоллаҕа дии. Сар-
сын кэлээриҥ, түсүһэн кэбиһиллиэ.
М ы р б а с. Сөп, үчүгэй… Хор, баайы даҕаны таҥара анаан
биэрэр, ону ити акаарылар сиртэн итигэстээн ылар курдук са-
ныыллар. Бу эн ыарытыган буолбуккуттан улаханнык хомойон
сылдьабын. Эчи үчүгэй аҕай киһи да баранна. Ити эдэр чо-
лохоччуспут уолаттар киһини абырыа, өрө тардыа суох дьон.
Эйигин киһи оннугар киһи, кырдьаҕас оннугар кырдьаҕас гы-
ныахпыт диэн үөрсүбүппүт. Күлүктээх киһи-сүөһү баранна. Аны-
гы үйэҕэ дьону баһылыктыах курдук, баай, үчүгэй киһи баар
диэхтээтэҕиҥ дуу. Чэ, барабын. Сээкэйбин бэлэмнэниэм. Сар-
сын таҥараттан көрдөһөн кэлэн көрүөхпүт. (Турар.) Сарсыҥҥа
дылы бырастыы. (Тахсар.)
ТӨРДҮС КӨСТҮҮТЭ
У й б а а н.
У й б а а н (сөтөллөр). Кырдьык даҕаны, үйэм уһаабат киһи
буоллум, күн-түүн ыараан иһэбин, бука, сотору өлөр киһи буо-
луом ээ… Мааппа! Мааппа!.. Хотуой, Мааппа! Кэл эрэ!
БЭҺИС КӨСТҮҮТЭ
У й б а а н, М а а п п а.
М а а п п а (киирэн турар). Туох баарый?
У й б а а н. Хотуой, ыҥырдахха тоҕо хап-сабар кэлбэккин?
Улаатымсыйар, аанньа ахтыбат буоллаҕыҥ дии! Хайыай, бии
маагылаах киһи. Ити Өндүрэй оҕонньор оҕотугар эргэ таҕыс,
сарсын кэлиэхтэрэ. Ону туох диигин, эт. (Кыыс саҥарбат.)
Тоҕо саҥарбаккын? Мин, төрөппүт аҕаҥ, ыйытабын ээ… Ис-
тэҕин дуо? Эт диибин дии!
М а а п п а. Истэбин.
У й б а а н. Оччоҕо, тыллаах буоллаххына, саҥар, мээлэҕэ
чуубургууруҥ эрэ бэрт этэ дии. Бэрт баай, бэрт сымнаҕас
дьон, эн сирэ сатыыр дьонуҥ буолбатахтар.
126