Page 128 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 128
таптыырынан оҥоруон сөп, оҥоруу, кэскил диэн сымыйа диэн.
Сатал быраап диирим, онтукам баара киһи күүһүнэн олохтон
дьолу-соргуну былдьаан ылбат эбит… Мин олохтон күүспүнэн
баайы, дьолу ылаары гыммытым сатаммата, дьолбунааҕар
сорум улахан буолла. Барыта сатаммат, табыллыбат буолан
иһэр. Дьэ билигин өлөр күммэр баайым тугу туһалыыр? Хо-
лоон буолсу ээ. Киһи босхото дьоло суох дииллэрэ кырдьык
эбит. Дьэкиим, сымыйаҕа балыллыбыт киһи, үчүгэйи санаа-
бакка сырыттаҕа буолуо. (Сөтөллөр.) Балыйбыт киһини билэрэ
буоллар, хайдах эрэ гынар этэ…
СЭТТИС КӨСТҮҮТЭ
У й б а а н, Д о р о п у у н.
Д о р о п у у н киирэн кэлэр.
У й б а а н. Нохоо! Тоҕо кэллиҥ?
Д о р о п у у н. Ээ, бэйэм, санаабын соруктанан.
У й б а а н. Кэм, көрдүү буолуо?..
Д о р о п у у н. Тойонуом! Көрдүү буолумуна. Сүл-сыгынньах
буолан хааламмыт, куораччытынан таҥас ыллараайамый диэн,
эйигиттэн биэс сүүһү иэс көрдөһө кэлэн турабын. Аҕыйах хо-
нукка дылы салҕаатаргын абырыаҥ ээ.
У й б а а н (көрбөккө олорон). Санаатаҕыҥ аайы кэлэн ылар-
гар манна эн дьааһыктаах харчыҥ суоҕа дии?
Д о р о п у у н. Тойонуом, аһынаарай диэн кээлтим… Инньэ
гынан?..
У й б а а н. Инньэ гынан күүскүнэн ылан тахсаары тураҕын
дуо? Бар, таҕыс!.. Эн санаатаҕыҥ аайы ылар дэлэй харчым
суох. Тахса тур!
Д о р о п у у н. Дьэ бэрт да буолар эбит… (Тахсар.)
АХСЫС КӨСТҮҮТЭ
У й б а а н соҕотох.
У й б а а н. Ити киһи миигиннээҕэр быдан дьоллоох. Ити
көрдүүр биэс сүүһүн буллар эрэ, киниэхэ туох да наадата суох.
Аччык даа буоллаҕына, кимиэхэ да хоргуппат. Кини мин курдук
туохтан да санаарҕаабат, күннээҕи аһыыра эрэ баар буолла-
ҕына, киниэхэ ким да тэҥэ суох курдук сананар. Итинниктэргэ
иэс буолуохтааҕар босхо да биэриэххэ сөп этэ да, ону мин
киһиэхэ биэрэри быһаҕынан анньар кэриэтэ саныыбын. Туох
муодата эбитэ буолла? Ити эрэйдээххэ биэриэх да баар эбит,
оччону син үлэлэтэбин-хамнатабын ээ. Кимиэхэ эмэ тугу эмэ
биэрээри гыннахпына, туох эрэ илиибиттэн тардарга дылы
128