Page 127 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 127

М а а п п а (сири көрөр). Суох… Аҕаа!!! Таптаабат киһибэр
хайдах барыамый, бэйэҥ да сыаналаан көр ээ.

    У й б а а н. Тугун сирдиҥ? Өссө оҕоҥ таптыыр, таптаабат
киһилээх. Бу араас буолан силлэн-хайдан эрдэххин. Дьэ кими
таптыыгын, истэн үөрүөҕү? Эт эрэ. «Таптыыр-таптаабат!»

    М а а п п а. Атын киһиэхэ барыах буолан тылбын биэрэн
сылдьабын.

    У й б а а н. Тылбын биэрэн даа? Чэ бар иһит, өссө «тылын
биэрэн» сылдьар үһү!!! Төрөппүт аҕаҥ өлбүт буоллаҕа? Арба,
эйиэхэ аҕа сөбүлүүрэ наадата суох буолуо? Дьэ ол «тыл» биэр-
бит киһиҥ хайа бэйэлээх киһиний? Кулуба уола дуу, кинээс
уола дуу? Истэн үөрүөхпүн эт эрэ.

    М а а п п а (аргыый). Дьэкиим оҕото Тиитэп.
    У й б а а н. Ээ… Тиитэпкэ… Дьэ кырдьык, барахсан баайа-
талыма дэлэтэ дуо, үтүө киһи эбит. (Күлэр, злой смех.) Инньэ
гынан, Өндүрэй оҕотун аккаастыыр буоллаҕыҥ дии?
    М а а п п а. Таптаабат буолан баран хайыамый, аккаастаа-
мына. (Улаханнык.) Хайдах да гыннаргын биир тыл: барыам
суоҕа, эрэйдэнимэ даҕаны!..
    У й б а а н (улаханнык). Чэ, оччоҕо киэр буол! Икки харахпар
көстүмэ! Мин дьиэбэр олорума, ол таптыыр киһигин кытта сы-
рыт. Дьэ төһө тотор-байар эбиккин, көрүөхпүт. Таҥара баары-
на, эйиэхэ биир алтан болуусканы биэриэм суоҕа… Тоҕо ту-
раҕын? Таҕыс, киэр буол диибин дии! Арба, оҕо аналгын-чаас-
кын ылаары турарыҥ буолуо?.. Бэйи, тохтоо! Эн муспут баа-
йыҥ манна суох… Өссө өсөһөн тураҕын дуо? (Турар. Мааппа
барар.)

                                        АЛТЫС КӨСТҮҮТЭ

                                                     У й б а а н.

    У й б а а н. «Тыл биэттим» диэтэҕэ. Бу абатын көрүҥ эрэ.
Итинник майгыннаах буолтун кэннэ, дьиэбэр көрбөтөрбүн үчү-
гэй этэ. Хайа да буоллун. Мин аатым онон алдьаныа суоҕа.
(Тохтуур.) Оок-сиэ! Олох сатамматаҕына, сатаммат даа буолар
эбит. Икки ойоҕум өллөҕө, суос-соҕотох инчэҕэй эттээҕим, ити
кыыһым эрэ хаалан баран, олоҕо табыллымаары гыннаҕа. Дьэ
бэрт да буолар эбит… Бэйэм буоллаҕына өлөөрү сылдьабын.
(Тохтуур.) Дьэкиим уолугар… Син да буолуо этэ да, урукку-
нан-хойуккунан, баҕар, сатаныа суоҕа. Кэбис, сүрэ бэрт. (Тох-
туур.) Урут дьадаҥы эрдэхпинэ саныырым: баайтан ордук дьол
суох диэн, онтукам баайга ордук дьол суох эбит. Баай күн
көрүнньүгэ эбит. Урут саныыр буоларым: олоҕу киһи бэйэтэ

                                                                                                                                     127
   122   123   124   125   126   127   128   129   130   131   132