Page 131 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 131
У й б а а н. Доҕоор, ыалдьар буоламмын үгүс саҥаны абаа-
һы көрөбүн ээ, онон холдьохтоҕо диэмэ. Хата ол… ол…
Д ь э к и и м (улаханнык кыыһырбыт). Ээ, ээ!!! Тулуйан истиэ
суоххун дуо? Сөбө, истиэҥ да суоҕа, сүрэххэр да ыттарыаҥ.
Мааппа өҥөйөн көрөр.
Д ь э к и и м. Бэйи, тулуйан истэргэр тиийиэҥ! Хара түө-
күн!.. (Сутуругун туттар.) Ол-бу буола олорбуккун, хата, си-
дьиҥ үөн курдук дэлби үктээн тахсыам ээ. (Остоолу охсор.) Ол
гынан баран, эйигин өлөрөн илиибин да хараардыахпын кэрэ-
йэбин, ону иһит!.. Бэйэм суолбун солотуом, аһыытын-ньулуу-
нун биллэриэм… Дьиккэр оҕолор! Ама эн бэйэлээх, Уйбаан
Баһылайабыс, улуус баайа, аҕата, куһаҕан ааты ылар үһүгүөн.
Ол эрээри өйдүө, күнүс түүнүнэн уларыйар (эмиэ охсоору
гынар). Дьон баара буоллар, кинилэр ортолоругар ыты ыт кур-
дук дэлби тэпсэн тахсыам этэ, ол эн дьолгор ким да суоҕар
түбэстим. Эн курдук уоран оҥоруохпун баҕарбаппын, кэпсэтэр
күн-дьыл кэллэ быһыылаах, чэ, бэйи. (Тахсаары туран.) Тыала
суохха мас хамсаабат!.. Олорон эр, кэпсэтиэхпит. (Тахсар.)
УОН ИККИС КӨСТҮҮТЭ
У й б а а н соҕотох.
У й б а а н (батыһыах курдук ааҥҥа дылы Дьэкиим кэннит-
тэн баран төннөр). Билбит дии!.. Аны мин күнүм кэллэҕэ. Бу
сааппын-сууппун… (Олорор.) Истибит… билбит. Аан дойду үр-
дүгэр икки атахтаах оҥорбута биллибэккэ, иһиллибэккэ, иэс-
тэбилэ суох хаалбат дииллэрэ ити эбит буоллаҕа… Аньыы-
тынааҕар саата улахан, саатынааҕар суобас улахан… Сор диэн
манныгы этэр эбит буоллахтара. Муҥ маһы кэрийбэт диэн
бу буоллаҕа… Хайдах буолабын? (Тохтоон толкуйдуур, эмискэ
чэпчээбит, сэргэхсийбит курдук буолар.) Мин син өлөөрү сыл-
дьар киһибин. Бу курдук сааты-сууту көрүөм, истиэм кэриэтэ,
бэйэбин бэйэм дьууктанарым сөп… Биирдэ сырдык, биирдэ
хараҥа… Өлбүтүм кэннэ үрдүбэр да үҥкүүлээтиннэр. (Түргэн-
ник турар.) Кыыспар тоҕо өлөрбүн, туох буруйдаахпын кэп-
сээн өлөрүм дуу. (Куукуна ааныгар барар.) Ээ, сатаныа суох,
бостуой мэһэйдии сылдьыа (ол-бу диэки көрөр, көхөҕө быа
турарын ылар), бу да миэхэ сөп. (Моонньугар эринэр.) Кыл-
гаһа бэрт буолсу. (Быраҕар. Ону-маны көрөр, хаҥас диэкит-
тэн быһаҕы баран аҕалан сүрэҕин туһунан анньыныах курдук
тирэнэр.) Аһаа, дьэ сөптөөх доҕор көһүннэ. (Куукуна аанын
өҥөйөн көрөр.) Кыыһым эрэйдээх тугу да билбэккэ олорор
131