Page 133 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 133

Сорох күлэр, сорох ытыыр, сорох төрүүр, сорох оонньуур-кө-
рүлүүр… Дьааһык киэһэ!

    Х а м н а ч ч ы т. Барда!.. Хаарыан тойонум. (Ытыыр.)
    Б а һ ы м н ь ы (улаханнык). Бар-да! (Күлэр.)

                                                        Быыс.

                              Быыс түспүтүн кэннэ ытаһыы иһиллэр.

? Ыйытыылар уонна сорудахтар

    1. Болтоһо ырыатын ыччат ыллыыр. Тоҕо? Манан суруйааччы
        тугу этэр дии саныыгыт?

    2. Уйбаан монологар «… уруккунан-хойуккунан, баҕар, сата-
        ныа суоҕа. Кэбис, сүрэ бэрт» диэн туохтан дьаархана са-
        ныырый?

    3. Киһи олоҕу бэйэтэ таптыырынан оҥоруон сөп дуу эбэтэр
        анал, ыйаах быһаарар дуу, кэпсэтиһиҥ.

    4. Уйбаан дьолунааҕар соро улаатта. Тоҕо?
    5. Уйбаан өлөр күнүгэр, бэйэтэ этэринии, баайа тугу эмэ туһа-

        лаата дуо?
    6. Суруйааччы бүтэһик төгүлгэ Доропууну уонна Болтоһону

        Уйбааҥҥа тоҕо көрдөһүннэрэ аҕалла? Олох олорон бүтэн эрэ-
        рин билэр эрээри, тиэрэ кэмэлдьитин тоҕо уларыппатый?
        «Ити киһи миигиннээҕэр быдан дьоллоох», «ыраах ордук»
        диэн быстар дьадаҥы дьоҥҥо ымсыырар. Маны хайдах өй-
        дүөххэ сөбүй?
    7. Дьэкиим уонна Уйбаан тиһэх кэпсэтиилэрэ. Дьэкиим тылын-
        өһүн болҕойуҥ. «Уута суох көмүһү буорга да бырахтахха
        дьэбиннийбэт», «Эйигин өлөрөн илиибин да хараардыахпын
        кэрэйэбин, ону иһит!» диэн этиилэр туох ис номохтоохто-
        руй?
    8. Уйбаан «Аан дойду үрдүгэр икки атахтаах оҥорбута бил-
        либэккэ, иһиллибэккэ, иэстэбилэ суох хаалбат дииллэрэ
        ити эбит буоллаҕа…» диэн этэрэ олохтоох дуо?
    9. Аҕалаах кыыс кылгас түгэҥҥэ өйдөрө-санаалара биирэ өлүү-
        гэ, иккиһэ дьолго тардыһар. Суруйааччы итинэн тугу этэ-
        рий?
    10. Уйбаан тиһэх тыыныгар эрэ үтүөҕэ, сырдыкка, кырдьыкка

          дьулуһар. Тоҕо?
    11. Суруйааччы драматын тоҕо «Абааһыларга биир абааһы ор-

          дук буолла», «Ытыыр икки күлэр икки аҕас-балыс буо-
          лар…» диэн этиилэринэн түмүктүүрүй?

                                                                                                                                     133
   128   129   130   131   132   133   134   135   136   137   138