Page 130 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 130
лаҕым буолуо. Уоран даа тугу туһаннамый. Саатар айахпар
аһаатаҕым дуу. (Бүк түһэн олорор.)
УОН БИИРИС КӨСТҮҮТЭ
У й б а а н, Д ь э к и и м.
Д ь э к и и м (киирэр, Уйбаан көрбөт). Доҕорум, үөлээннээ-
ҕим, былыргы ыалым Уйбаан, дорообо! Ама суутунан билли-
бит түөкүн, баранаак буолтум иһин, куттаныма, тугу да уоруом,
алдьатыам суоҕа. Билигин оҥоруу, ыйаах күүһүнэн атын-атын
буолбут иһин, былыр хаһан эрэ чугас ыаллыы буолан эн-мин
дэһэн олоорпут этэ буолбат дуо?..
У й б а а н. Ол-бу диэмэ, доҕоор. Хата кэпсиэ, хайдах-туох
олороҕут?
Д ь э к и и м. Кэпсээн ханна барыай, бэйэм даҕаны кэпсии
кээлтим. Тыала суохха мас хамсаабат, былыта суохха ардах
түспэт, куһаҕан үчүгэйэ суох буолбат. Уута суох көмүһү буорга
да бырахтахха дьэбиннийбэт, ол кэриэтэ миигин куһаҕан са-
наалаахтар хараарпыттара, киртиппиттэрэ даа, чуолҕан үүтү-
нэн сырдык тыгыах курдук. Миигин балыйбыт, уган биэрбит
киһи көстүөх курдук…
У й б а а н. Ол кимий?
Д ь э к и и м. Ким да буоллун, аата туох буолуой. Сотору
аата да биллиэ. Эн да истиэҥ, алыс күүтэ сатаама. Күүтэн-
күүтэн күрүөҕэ күөйүллүбүт диэни истибэт этиҥ дуо?
130