Page 125 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 125
рыта үчүгэй буолуо. Мин аҕам этэр ээ: «Тыала суохха мас
хамсаабат» диэн, ити, холобур…
М а а п п а. Итини бэйэм да билэбин (тура эккириир). Дьэ
үчүгэй да буолсу. Аны аҕыйах хонон баран туспа тойонноох
хотун буолуохпут буоллаҕа. Онтон, таҥара биэрдэҕинэ, оҕо
баар буолуо, оччоҕо мин ийэ, эн аҕа аатырыаҥ. Кырдьык даҕа-
ны, бу дойду олоҕо диэн минньигэс, үчүгэй даа эбит. Ким даа
баһылык суох, барыта көҥүл, үчүгэй, итинтэн ордук дьол диэн
туох баар буолуой. Баар буолуо дуо?
Т и и т э п. Ойох, эр буолан эйэлээхтик олорортон ордук
туох дьол баар буолуой. Оҕону таҥара биэриэ… Өйдүө, добу-
гуор буоллун… Аҕаҥ хайдах да гыннар тылгын булгутуоҥ суо-
ҕа. Сөп дуо?
М а а п п а. Сөп. (Баран түннүгүнэн көрөн иһэн.) Аҕам бил-
либэт. Тиитэп! Ыллыах эрэ. Бэйи эрэ, бии Болтоһо туох диэн
ыллыыр этэй? (Тиитэпкэ сыста олорор.)
Т и и т э п (кууһар). Чэ, ыллыах даҕаны. Эн бастаа.
М а а п п а. Иккиэн бииргэ ыллыах. (Кыыс бастыыр, ол кэн-
ниттэн биир куолаһынан түргэн соҕустук ыллыыллар.)
Туллуок-туллуок доҕоттоор,
Туран-олорон сылдьарга
Доҕор-атас туһалаах.
Өрөс-чөрөс үөлээннээр,
Үксээн-төрүөн сылдьарга
Үтүө дьүөгэ өйөллөөх!
Эҥин чэбдик сэгэрдээр,
Эдэр-сэнэх эрдэххэ
Эйэ-доҕор эрэллээх!
Көмүс-алтан дьүөгэлээр,
Көтөн-сүүрэн сылдьарга
Көнө сүрэх көмөлөөх!..
М а а п п а (түннүккэ сүүрэн баран). Түксү, аҕам иһэр, ик-
киэлэр. (Тиитэптиин куукуна аанынан бараллар.)
ҮҺҮС КӨСТҮҮТЭ
У й б а а н, М ы р б а с Ө н д ү р э й иккиэн бииргэ киирэллэр.
У й б а а н (киирэн иһэн). Киһи көрбөтөр эрэ ити курдук дьаа-
былыыллар ээ. (Сыгынньахтанар.)
М ы р б а с. Дьэ этимэ даҕаны. Киһи гиэнин оонньуулаах
оҥороллор диэтэҕиҥ дуу. (Олорор.) Итини саҥардахха, мөх-
тө, батарбата диэхтэрэ. Куһаҕан дьону кытта сылдьар эрэй,
125