Page 120 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 120
Алыс атаҕастаама даа,
Күүһүм эрэ кыайар диэн
Көбдьүөрүйбүтүҥ баҕас тугун күүһэй.
Д ь а х т а р барар.
К и һ и. Бэйи, аахсыахпыт. (Болтоһоҕо.) Эн миигин үөрэтэ
сылдьаары гынаҕын дуо? Эн да холоон киһи буолбаккын дуо,
оннооҕор аҕаҥ мунньан биэрбит баайын сатаан иҥэрбэтэх
эрэйдээх буолбаккын дуо? Ол гэннэ ханнык эмэ курдук са-
нанаахтыыгын. Ити майгыгыттан, киһи быһыылааҕыҥ буоллар,
саатыаҥ этэ.
Б о л т о һ о (күлэр). Чэ-чэ, ээх. Дьон билиитинэн, илээт Бол-
тоһо диэн буолабын. Ол эрээри алыс бардьыгынаама, ойоҕуҥ
буолбатахпын.
К и һ и. Эйигиттэн итинтэн ордук тахсыа дуо. (Барар.)
УОН ҮҺҮС КӨСТҮҮТЭ
Д ь э к и и м, Б о л т о һ о.
Б о л т о һ о (киһи кэнниттэн). Ээ, эрэйдээх оҕолор. (Дьэ-
киимҥэ.) Дьэ, дьон тыла ити курдук буолар, ити бүтүн норуот
саныыр санаатын, этэр тылын этэр.
Д ь э к и и м. Бука, мин дьүһүммүн көрөн тэбиэһирдэҕэ буо-
луо ээ уонна ама итинньэй иннигэр эйиэхэ итиччэ кыыһыр-
даҕай.
УОН ТӨРДҮС КӨСТҮҮТЭ
Уруккуларга Б а һ ы м н ь ы.
Б а һ ы м н ь ы (кэлэн). Дьааһык киэһэ! Уйбаан ойоҕун көм-
нүбүт. Туох да ыйааҕа суох элбэх абааһы мустубут. Биир ула-
хан абааһы баар, ол кыраларга тугу да бэрсиэ суох. Торбос
абааһыта сордоох матан хаалла. (Күлэр.) Уйбаан ойоҕо са-
ҥардыы сир үрдүгэр бэрт былдьасыһа, киэргэнэн чомооруйа
сылдьыбыта, билигин сир анныгар абааһыларга аһылык буола
киирдэ. Инчэҕэй буорунан бу курдук тэпсэн-тэпсэн кэбисти-
бит. (Атаҕынан буору тэпсэр.) Онон бүттэ… Аны сир үрдүгэр
Өкүлүүнэ диэн суох. (Оонньуур сир улаҕатынан хас да киһи
ааһар.) Дьэ ити гэннэ бэрт былдьаһа сырыт… (Олорор дьону
көрөр.) Бай, Дьэкиим сордоох кэлбит эбит дуу? Кэлиминэ,
кэлэр да, барар да баҕайыта… Арай Өкүлүүнэ кэлбэккэ барда,
улахан абааһы үөрбүтэ сүрдээх, үөрүмүнэ, ас таҕыстаҕа дии.
Д ь э к и и м (турар, куулун сүгэр). Сынньанным… Хааман
көрүөххэ.
120