Page 119 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 119
УОН БИИРИС КӨСТҮҮТЭ
Уруккуларга д ь а х т а р.
Э д э р д ь а х т а р (кэлэн Болтоһону көрөн). Ньукулайбыт
манна кэлэн дойҕохтуу турар эбит дуу?
Б о л т о һ о (туран дьахтар аттыгар барар):
Эн эйэҕэс майгыҥҥар
Эт сүрэхпиттэн эймэнийэн,
Эйигин көрөөрү, элиэтээн кээлтим.
Кырдьаҕас диэн ороһуйума,
Ойуу курдук уоскуттан
Уураан ылларбын
Уоннаах оҕо курдук
Сананыам этэ.
Д ь а х т а р. Чэ, хата ыл табаххыттан тартар.
Б о л т о һ о.
Татыйыгым оҕотун
Табаҕынан татыарытыам дуо?
Таттарарым ханна барыай.
(Табах ууран биэрэр. Дьахтар тардар.)
Эйэҕэс санаалаах,
Эттээх иэдэстээх
Эдэр барахсаттартан
Эт сүрэҕим
Эймэнийэр идэлээх.
УОН ИККИС КӨСТҮҮТЭ
Уруккуларга киһи.
К и һ и (ааһан иһэн дьахтары көрөн кэлэр, илиититтэн тар-
дар, кыыһырбыт). Бу тугу да гынарыҥ суох буолан, манна кэ-
лэн хаһааҥҥыттан билсибит дьоҥҥун кытта тыл аахса тура-
ҕын? Киэр буол, дьиэҕэр бар! (Анньар.)
Д ь а х т а р. Бэйи тохтоо! Бу кэлэн табах эрэ тартым дии,
онуоха тоҕо дэлбэрийэн кэллиҥ?
К и һ и. «Тохтоо!» Бу курдук сылдьарыҥ сөп дуо? Өссө тыл
аахса тур эрэ! Бу хаһааҥҥыттан дьүөгэлэспит дьоҥҥунуй?
(Анньыалыыр.)
Б о л т о һ о (икки ардыларыгар туран хамсатын ылар).
Аргыый, атаас!
Айыы саҥнааҕы
119