Page 114 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 114

сылдьыахпытый? Баҕар, эн бэйэҥ миигин, уоруйах, түөкүн
уола диэн, сөбүлээбэтиҥ буолуо. Инньэ дии саныыр буол-
лаххына, кистээмэ, эрдэтинэ санааҕын биллэр ээ.

    М а а п п а. Инньэ диирим буоллар, төрүт да эйиэхэ сыс-
тыам суоҕа этэ. Аҕам санаатын сэрэйэн, билэн сылдьабын.
Булгу сөбүлээбэтэ буолуо. Сытаан бардаҕына, билигин эмиэ
аһыыга түбэстэ, дьиэтин көрөр киһитэ суох буолла, миигин
ол-бу дэтэн атаахтаппата буолуо ээ.

    Т и и т э п. Ээ, арба даҕаны ийэҥ өллө этэ дуу…
    М а а п п а. Ийэҥ буолан, оттон аата эрэ ийэм эбитэ ини.
Миигин да кини оҕо курдук туппат этэ. Ол эрээри аҕабын
аһынабын. Бүгүн таһаарар күммүт, барыта бары бэлэм… Мин
эрэйдээх төрөөбүт ийэм өлбүтүн тухары киһилии олоххо олоро
иликпин. Ама, өлбүтүн баата, билиҥҥи дьахтар, ийэ диэтэххэ,
мин туспар кытаанах ийэ этэ… Ол мин эйигин сөбүлүүрүм
быраап буолуо дуо? Кини баай киһиэхэ биэрэр санаалаах бы-
һыылаах.
    Т и и т э п. Инньэ гынан тугу кэпсэтэбит? (Аҥаар илиитинэн
кууһар.) Мааппаа! Мин эйигиттэн арахсыам дии санаатахпына,
уум кэлбэт буолуор дылы санааргыыбын ээ. Түүннэри-күннэри
эн мин санаабыттан тахсыбаккын. Эн миигин сөбүлүүр буол-
баккын дуо?..
    М а а п п а. Сөбүлээбитим да иһин. (Аллара көрөр.) Хайдах
гыныамый?
    Т и и т э п. Миэхэ ити эрэ наада! Мин эйигин бу курдук тап-
тыыбын. (Ууруур.)
    М а а п п а (кыбыстар). Хойутаатым ээ, аны аҕам мөҕүө, ба-
рыыһыкпын.

                                        БЭҺИС КӨСТҮҮТЭ

                                           Уруккуларга биир у о л.
                                              У о л сүүрэн кэлэр.

               М а а п п а, Т и и т э п соһуйан, кыбыстан, ойон тураллар.

    У о л. Оо, Мааппа, манна Тиитэби кытта олорор эбиккин
дуу? Бэйи, аҕаҕар этиэм буоллаҕа ээ. (Күлэр.)

    М а а п п а. Сибилигин кээлтим… Бэйи, барабын. (Барар.)

                                        АЛТЫС КӨСТҮҮТЭ

                                                Т и и т э п, у о л.

    У о л. Биһиэхэ барбаккын дуо? Оҕолор мустан көр-нар бөҕө
буолан эрэр.

    Т и и т э п. Чэ, барыах эрэ. (Сиэттиһэн бараллар.)

 114
   109   110   111   112   113   114   115   116   117   118   119