Page 109 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 109

М а а б ы р а. Тугу уордараҕын ол?
    Т и и т э п. Оттон биһиги оҕуруоппут ааныттан Кууһума оҕон-
ньор луоската көстүбүт. Онон… Онон…
    М а а б ы р а. Көстүбүт даа?.. Ол туох эмиэ муодатай?
Ол ампаар алдьаммытыгар биһигини, туох сыһыаннаах дьону,
дьэгдьийэллэр?
    Т и и т э п. Чахчы эн уорбуккун, суолуҥ баар дииллэр. Бэйи
эрэ, тугу гыналлар эбит, мин тахсан көрүүм. (Тахсар.)

                                       ТОХСУС КӨСТҮҮТЭ

                                                   М а а б ы р а.

    М а а б ы р а (олорор). Бэйи эрэ, ити уол туох-туох диир?
Уорбут да буоллаҕына, миигиттэн кистиэ суох этэ ээ. Ама
уорбут үһүө. Арай ол курдук өлөр, алдьанар быаҕа абааһы им-
нэниэ дуо? Ама уорбут үһүө… Уорбатаҕа буолуо, мээлэ сэрэх
хоту сылдьаллара буолуо. Ол ханнык эмэ куһаҕан санаалаах,
дьиибэлээн, луосканы бырахпыта буолуо. Ама буруйа суох
ыраас киһини буруйдууллар үһүө, туох аньыытай…

                                         ОНУС КӨСТҮҮТЭ

        М а а б ы р а, Д ь э к и и м. Д ь э к и и м саҥата суох сонун кэтэр.

    М а а б ы р а (соһуйбут). Доҕоор, ханна бардыҥ? Били дьо-
нуҥ бардылар дуо?

    Д ь э к и и м (олорор). Ханна барыамый. Тылга иҥнэн ба-
раммын… Бөлүүн Кууһума оҕонньор ампаарын алдьаппыт,
үбүн көтөхпүт үһүбүн. Хайа хара санаалаах уоран баран мии-
гин сөрөөтө буолла? Оҕуруотум ааныгар биир луосканы бы-
раҕан барбыттар. Кууһума оҕонньор сөбүн этэр, сүтүгүттэн
көстүбүтүн кэннэ, эн ылбытыҥ буолуо диэ суоҕа дуо. Кини
бэйэтэ эрэ ырааһын билэр буоллаҕа дии. Онон кини мии-
гин сөрүүрэ бэрт сөп. Бары сибики быһыытынан мин түбэһэр
киһи буоллаҕым буолуо ээ. (Үөһэ тыынар.) Таҥара баар диил-
лэр дии, баҕар, ол үп кинилэргэ иҥиэ суоҕа. Тойон таҥара
көмүскүүр ини. Ол эрээри хайаан да түбэһэр киһи буоллум.
(Бүк түһэн олорор.)

    М а а б ы р а (тугу да саҥарыан булбакка, аттыгар баран
турар). Доҕоор!.. Хайа, суут буруйа, аньыыта суоҕу быыһаа
ини, ама ол курдук буолар үһүө. (Олорор.)

    Д ь э к и и м (көхсүн этитэр). Дьахтар барахсан санаата аһы-
нааҕар кылгас диэн ити буоллаҕа. Ханна ойуун элбэҕий да,
онно өлүү-сүтүү үксүүр, ханна суут-сокуон баарый да, онно

                                                                                                                                     109
   104   105   106   107   108   109   110   111   112   113   114