Page 110 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 110

сымыйа элбиир баҕайыта диэни истибэт этиҥ дуо? Суут таҥа-
ра буолбатах, киһи сүрэҕин тобулу көрөн буруйдааххын, бу-
руйа суоххун билбэт. Суут син биһиги курдук эттээх-хааннаах,
дьон үөрэхтээҕэ суут буолар. Суут, сокуон хараҕар табыллар
буоллуҥ да, эн хайдах даа ырааспын диэн ытаабытыҥ иһин,
дьүүллүүрүн дьүүллүүр. Суут, дьүүл эрэ бүтэн, көнөн иһэрин
билэр.

    Онон суукка даа тиийэн кырдьыкпын булунан быыһаныам
диэбэккэ олоробун, хата холуобунайга түбэһэр киһи буолуом
ээ. Ол аайы сууту да буруйдуохха сатаммат, бэйэбит буруй-
даахпыт, сүрэхпит куһаҕан, санаабыт сидьиҥ, барсы ордоро-
бут.

    М а а б ы р а. Ама оннук буолар үһүө… Оччоҕо хайдах буо-
луой?..

    Д ь э к и и м. Хайдах буолуой, остуруок киһитэ гыныахтара
буоллаҕа дии.

    М а а б ы р а. Ол туох батталай? Саатар таҥара быыһаа ини.
(Ытамньыйар.)

    Д ь э к и и м. Эттэххин даа. Бары батталы, сымыйаны таҥа-
ра тута быыһаан-абыраан иһэрэ эбитэ буоллар, орто дойдуга
сымыйа, баттал диэн суох буолуо этэ. Баттаммыт, сымыйа
суолтан арааска түбэспит мин эрэ буолбатаҕым буолуо ээ.
(Тохтуур.) Сытаан бардахха, өлүү болдьохтоох диэбиккэ дылы,
билигин ородобуойга дайыымпа иэстии сэтээтэл тахсыбыт су-
рахтааҕа, онон мин дьүүлүм уһаабата буолуо ээ… Бии оҕо
ханна баран хаалла?

    М а а б ы р а (ыксаан). Туох аньыыбытыгар-буруйбутугар
тойон таҥара көрөн туран оҥортордоҕой? Биһиги ханна тоҕо
тэбэнэн хаалар сордоохторбутуй?.. (Бүк түһэр.)

    Д ь э к и и м (кууһар). Доҕоччугуом! Буолар буолтун кэннэ
ытаама, курутуйума. Аны хайдах даа гынар сир суох, кытаанах
санааны ылынар сөп.

                                  УОН БИИРИС КӨСТҮҮТЭ

                     Уруккуларга Т и и т э п киирэн дьонун көрөн турар.

    Д ь э к и и м. Тукаам! Кэл эрэ бэттэх.

                                                Т и и т э п кэлэр.

    Д ь э к и и м. Тукаам, сымыйа суолга тылга иҥнэн баран
эрэбин. Хас дэлэгэй баран хааллахпына, мин оннубар дьиэҕин
дьиэлээн, үлэҕин үлэлээн олор. Мин үлэлиирбин көрөрүҥ дии.
Ийэҕин ытатар-соҥотор буолаайаҥый. Куһаҕан үчүгэйэ суох

 110
   105   106   107   108   109   110   111   112   113   114   115