Page 106 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 106
БЭҺИС КӨСТҮҮТЭ
Д ь э к и и м, Т и и т э п. Т и и т э п суунар, соттор.
Д ь э к и и м. Чэ, тукаам, сулбухай соҕустук суунан баран,
ити долбуурга куһуок баар, ону ылан чэйгин ис. Уонна, оҕус-
кун миинэн баран, Кууһумалаахтан сухаларын аҕал. Аны түүн
сөрүүҥҥэ сирбитин тартарыахпыт. Оргууй сылдьаар. Оҕуһуҥ
тот буолуо.
Т и и т э п чэйдиир.
Д ь э к и и м (турар). Тахсан бурдугум күрүөтүн ситэриэм
баар эбит ээ. Ити абааһы ону-маны лахсыйан, олорон хаал-
лым.
АЛТЫС КӨСТҮҮТЭ
Уруккуларга К у у һ у м а, У й б а а н, Б ы л а т ы а н, Д о р о п у у н, С э м э н.
Бары киирэллэр, сорохторо олороллор.
Д ь э к и и м (соһуйбут). Ыалдьыттар, кэпсиэҥ, тугу билли-
гит?
Б ы л а т ы а н. Тугу истиэхпиний, арай бу Кууһума оҕонньор
сүтүктэнэн сылдьабыт.
Д ь э к и и м. Бай, ол туох сүттэ?..
К у у һ у м а. Туох сүттэ буолан, хайа, сүрэҕиҥ сэрэйэн ту-
рар инигин…
Д ь э к и и м. Суох… ол…
Б ы л а т ы а н. Онто суох, эйигин сэрэйэрэ буолуо диэн кэл-
либит. Бөлүүн бу кырдьаҕас балаҕанын ампаара алдьаммыт,
туох баар үбүн көтөҕөн ылбыттар. Ону чугастыы миэхэ кэлэн
тыллаабыттарыгар ити Уйбааны, Сэмэни, Доропууну ыҥыран
суоллуу сылдьабыт. (Тохтуур.) Ол суоллаабыппыт биир киһи
суола сииктээх окко хааман кэллэ, бу эн дьиэҥ таһыгар тии-
йэн сүтэн хаалла. (Хоонньуттан көмүс луосканы ылар.) Ити
гэннэ бу луосканы эн оҕуруотуҥ аанын анныттан буллубут,
туоһулар да этиилэринэн, бэлиэтинэн даҕаны дьиҥ Кууһума
оҕонньор луоската буолла.
Д о р о п у у н. Мин хаста да көрбүт луоскам, ити чахчы уба-
йым оҕонньор гиэнэ. Бүтэй аанын атыллаан иһэн мүччү түһэр-
бит быһыылаахтар.
Б ы л а т ы а н. Бэйи, тохтоо. Онон, эйигин уорбалаан…
Д ь э к и и м. Уорбалаан даа? (Күлэр.)
Б ы л а т ы а н. Тохтоо, күлүмэ, иһит, истэн баран күлээр.
Эйигин уорбалаан кэлэн олоробут. Эдэр, ыччат киһи, буолан
баран, итинник майгылааҕыҥ куһаҕан. Хата саат-суут чараас
106