Page 101 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 101

этэ», «Аньыытааҕар күн кыһалҕата улахан», «Аньыытаа-
        ҕар саат улахан» диэн этиилэрин ситимэ тугу этэрий?
    3. Дьэкиим «…киһи баҕарбытын курдук туох да буолбат ээ»
        диэн этиитэ олохтон кэлэйиини, инникигэ эрэли сүтэриини
        көрдөрөр дуо?
    4. Кырдьык да, Уйбаан этэринэн, «Бу күҥҥэ баайтан ордук
        дьол суох» дуо? «Баай» диэни эһиги хайдах өйдүүгүт?
    5. Баһымньы туох киһиний? Кини Уйбааны тоҕо «үүсээн»
        диэн ааттыырый?
    6. Дьэкиим «Баай да эрэйдээх буолара буолуо ээ» диэн тугу
        этэр дии саныыгыт?
    7. Биир кыһалҕаны, эрэйи тэҥҥэ үллэстэн олорор Марыына
        «Уоран өлбөт мэҥэ уутун аҕаалтыҥ да иһин, сөбүлүүрүм
        эрэ суох» диэн быһа бааччы эппитэ Уйбааҥҥа тоҕо тиий-
        бэтий? Чахчы «абааһы имнэммитэ» буолуо дуо?
    8. Уйбаан уорарын «...дьол тардыһан көрүүһүкпүн» диир.
        Уоруу икки дьол икки дьүөрэлэһиэн сөп дуо?

                                  ***

         Драма иккис төгүлүгэр Кууһума оҕонньор сайылыгар бэрт
    тиэтэлинэн көһөн, малын-салын дьаһайбакка, өссө «били хол-
    буйатын» кытта умнан хаалларбытын билэбит.

         «Туох барыта быалаах» диэбиккэ дылы, ол киэһэ хойут
    Кууһума оҕонньордооххо Дьэкиим суха уларса кэлэ сылдьы-
    быта тус олоҕор иэдээннээх балыыр төрүөтэ буолуоҕун хантан
    сэрэйиэй.

                                           ҮҺҮС ТӨГҮЛЭ

                                       ООННЬУУР ДЬОНО:

    Д ь э к и и м.
    М а а б ы р а — кини ойоҕо, эдэр.
    Т и и т э п — кинилэр уоллара, 15 саастаах.
    Б а һ ы м н ь ы Д ь а а к ы п.
    К у у һ у м а о ҕ о н н ь о р.
    Б ы л а т ы а н о ҕ о н н ь о р — 50 саастаах. Чаччыына кинээс,
мааны.
    Д о р о п у у н.
    С э м э н.
    У й б а а н.

                                     ООННЬУУР СИРДЭРЭ:

                      Дьэкиим балаҕана. Иккис оонньуу нөҥүөргү күнэ.
                      Сарсыарда. Холумтаҥҥа чаанньык оргуйа турар.

                                                                                                                                     101
   96   97   98   99   100   101   102   103   104   105   106