Page 98 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 98

луой? Ким да биһигини ыллахтара диэн уорбалыа суоҕа. «Дьол
хараҕа суох» диэн өс хоһоонун билбэккин дуо.

    М а р ы ы н а. Тугу-тугу лахсыйаҕын? Иирбиккин дуу? Туох
өлөр кыһалҕатыгар ылларан, ол айылаах хараҥа аньыыны оҥо-
һуннахпытый. Мээлэ, аньыыны, тыл буолбат тылы, саҥарыма,
хата киирэн аһылыккын аһаан утуй.

    У й б а а н. Күн кыһалҕатыгар тус бэйэ туһанарыгар тугу да
оҥорбут иһин аньыы буолуо суох тустаах. Ол чааһыттан кутта-
нар сатаммат. Хата бу түүн иккиэн баран сүгэн аҕалыах. Хата
киирэн кыыскын утут, кини билбэтин, оҕо билэрэ сатаммат,
кэпсээн оҥосто сылдьыа. (Күүстээхтик.) Ол-бу диэн кубулу-
нума. Эн миигиттэн ордук билээччи, таҥараһыт буолаҥҥын,
буолбатах буола турума! Кыыһырдар буоллаххына, эйигиттэн
сүбэ да ыйытыам суоҕа.

    М а р ы ы н а. Уоран өлбөт да мэҥэ уутун аҕаалтыҥ иһин,
сөбүлүүрүм эрэ суох, аны уоран байарбыт итэҕэс эбит дии.
Эн уоран байбыккыттан туһаммакка эрэ өллөрбүн үчүгэй этэ.
Өссө бииргэ уоруһуннара илдьээри тураҕын дуо? Бэйи тохтоо,
тыыннаахпар уорбатарбын үчүгэй этэ.

    У й б а а н. Биирдэ баран эттэххэ, эн сөбүлээбэтиҥ көҥүл
буолуо суоҕа. Кыһаннахпына бардаргын да илдьиэм, барба-
таргын да илдьиэм, хайа, эт ыарыыта эмиэ улахан буолаарай.
Ону ол курдук санаан кэбис. Эйигин баҕас иннигин ылыам
ээ. (Улаханнык.) Баран ыалга хамначчыт буол, үлэлээ диэ-
биппэр ити айылаах буоллуҥ дуо, хата эн бэйэҥ баай хотун
буолан сынньалаҥнык олороруҥ наадатыгар этэбин буолбат
дуо? Биир түүн эргин, миигин, кытта барсан кэлэриҥ улахан
дьаалы эбит дии.

    М а р ы ы н а. Сүнньүбүн да үүттээтэргин барсыам суоҕа. Ол
сөбүлээбэтэх, барсыбатах буруйбар кырбастаатаргын даҕаны
кыһаныам суоҕа. (Баран иһэн.) Эн хара суолунан булбуккун
туһамматарбын үчүгэй этэ. Сааппат сирэй! Бэһиэччик. (Кии-
рэр.)

    У й б а а н. Хорум, чуубургуу тур эрэ. Кыыскын утут. Аһылы-
гы бэлэмнээ!.. Кубулҕат!

                                        АХСЫС КӨСТҮҮТЭ

                                                     У й б а а н.

    У й б а а н. Ити сатана кыыһын санаатын көр эрэ. Таһыйан
ээххин этитиэм ээ. Акаары, итинтэн ордук хантан босхону бу-
лаары гынар буолла. (Турар.) Мантан ордук тоҕоос, баҕар,

  98
   93   94   95   96   97   98   99   100   101   102   103