Page 94 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 94

«Таҥара накааһа» (1931), «Эргэттэн саҥаҕа» (1935) драмалары
суруйбута.

    Литература кириитигэ В. Н. Протодьяконов Алампа «Олох
оонньуура» айымньытын үрдүктүк сыаналаан маннык эппитэ:
«Көтөхпүт проблемаларынан (кинилэр олоххо суолталарынан),
өр, дириҥник толкуйданан суруллубутунан, тыла-өһө чиҥинэн,
сюжеттар сатабыллаахтык таҥыллыбыттарынан, быһата, олоҕу
хорутуута дириҥинэн, мин санаабар, бу пьеса Алампа бары
драмаларыттан ордуктара. Сүрүн айымньыта да диэххэ сөп.
Соппуруонап драматург быһыытынан баһырхай талаана бу
айымньытыттан толору көстөр. Барыта — саха дьоно, саха
олоҕо. Саха санаата. Баҕата. Омук быһыытынан олоҕун туруга,
эрэйэ-муҥа, кыһалҕата. Саха омук «кыларыйан турар кырдьы-
га» бу айымньыга көстөр».

    Олоҕо суох буруйдааһыҥҥа, репрессияҕа түбэһэн хаайыл-
лыы, 5 сыллаах туспа-туора дойдуга сыылкаҕа сылдьыы Анем-
подист Иванович доруобуйатын айгыраппыта, кини ыарахан
ыарыыттан 1935 сыллаахха өлбүтэ.

    Оҕолоор, «Олох оонньуура» драманы ааҕаргытыгар, «Олох
кырдьыга — киһи кырдьыга» хайдах алтыһалларын, олох оон-
ньуурун ханнык үс көрүҥэ бу айымньыга холбуу бааллан арыл-
ларын ырытан ылынарга дьулуһуҥ.

                          Олох оонньуура

                                Биэс төгүллээх пьеса

                                     МАҤНАЙГЫ ТӨГҮЛЭ

                                       ООННЬУУР ДЬОНО:

    У й б а а н — 35 саастаах.
    М а р ы ы н а — кини ойоҕо, эдэр.
    М а а п п а — кинилэр кыыстара, 14 саастаах.
    Д ь э к и и м — 35 саастаах, кинилэр ыаллара.
    Б а һ ы м н ь ы Д ь а а к ы п — 40 саастаах, куһаҕан таҥастаах, ос-
тойуустаабыт (иирбит).
    М и и т э р э й — 15—16 саастаах, Кууһума оҕонньор оҕото.

                                     ООННЬУУР СИРДЭРЭ:

                                           Уйбаан балаҕанын таһа

  94
   89   90   91   92   93   94   95   96   97   98   99