Page 92 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 92

? Ыйытыылар уонна сорудахтар

    1. «Ыар тыыннарын, сүдү сүрдэрин, албас санааларын… уйар-
        быт аата суох» диэн ойуун тугу этэр дии саныыгыт?

    2. Киһи аймах устуоруйата көрдөрөрүнэн, «Оччугуйдаах улахан
        омук ойоҕолоһон олохсуйдахтарына» туох буолар эбитий?

    3. Ойуун:
        «Өспүт өйбүт туомун
        Үс хос тимир курдуу уобуруччу
        Бобо тута сылдьар»
        диэн этиитэ туох ис номохтооҕуй?

    4. «Өлөр-хаалар уһук муҥ кэллэҕинэ» өбүгэ үгэһэ, сүбэтэ-сор-
        гута тугуй? Хас биирдии суолталаах кэрчик ис хоһоонун,
        сүрүн сүбэтин илдьиритиһиҥ.

    5. Тыыннаах хаалыы, эрбии тииһин курдук эрийсэр тэҥнээх
        норуот буолуу төрүтэ тугуй?

Анаан дьүүллэһии

    1. А. Е. Кулаковскай «Ойуун түүлэ» поэматыгар айылҕа уонна
        киһи сыһыана.

    Поэмаҕа айылҕа араас көстүүтэ хайдах ойууланарын түмэн
        ырытыҥ: айылҕа икки киһи икки сыһыаныгар хайата ба-
        һылыырый?

    Айылҕа аһатар-харыһыйар, көмүскүүр-дьүүллүүр. Киһи тө-
        һө да ийэ айылҕатын утары бардар, айылҕа кинини тоҕо
        араҥаччылыырый?

    «Киһи — айылҕа оҕото» диэн этии туох төрүттээҕий? Олох
        араас түгэнигэр ити ис номоҕо хайдах буолуон сөбүй?

    2. А. Е. Кулаковскай «Ойуун түүлэ» поэматыгар норуоттар сы-
        һыаннарын көрдөрүү, норуот тыыннаах буолар суолун-ииһин
        ырыҥалаан көрүү.

    Поэмаҕа киһи аймах устуоруйатын ханнык суостаах чахчы-
        лара ойууланарый?

    Норуот сүтэн-симэлийэн хаалара тустаах дьон алдьархайыт-
        тан ураты өссө туох өрүттээх буолуон сөбүй?

    Поэмаҕа этиллэр «тиис — тиискэ, муос — муоска» дьу-
        луһуу туох ис номохтооҕуй?

    Төрөөбүт норуот тыынынан тыыннаныы, дьылҕатынан дьыл-
        ҕаланыы диэни хайдах өйдүүгүт?

  92
   87   88   89   90   91   92   93   94   95   96   97