Page 88 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 88
Буулаан-моһуоктаан
Бу айылаах оҥордоҕун!
Айыы саҥнаахтар,
Сабыллыбыт санаабыт сыыһын
Алта хос садаҕа моҕой хаайыы
Саба хаппахтаан сылдьан,
Саргыбыт сыыһын
Самнарбыт абатын даа…
Абатын даа…
Дом-дом-дом!..
Дом-ини-дом!..
Дьэ, сэгэрдээр,
Хайа ол буоллаҕына,
Орто туруу бараан дойду
Дьоллоох уйгу быйаҥ олоҕуттан
Туораан хаалар
Хомолтото бэрт буолаарай?
Алгыстаах айыы далбар
Маанытыттан матан хаалар
Абата бэрт буолаарай?
Күн сирин
Көрдөөх күндү олоҕун
Көрбөккө өлүтэлээн хаалар
Күчүмэҕэйэ бэрт буолаарай?
Хайа —
Мантан быыһаныахха айылаах
Туох сүбэ-соргу баар буолаарай?
Бэйэм санаабын эттэхпинэ,
Миэнэ маннык:
Былыргы кырдьаҕастар,
Өлбүт өбүгэлэрбит,
Айбыт аҕаларбыт,
Сүбэлиир, өйдөтөр буолаллара
Бу курдук диэн:
«Муҥ-сор буулууругар,
Эрэй-буруй эрийэригэр,
Кыһалҕа-кыдьык кыпчыйарыгар,
Өй-санаа түмүллэригэр,
Таар муҥурга хааттарар
Уһук муҥ кэллэҕинэ,
Дьэ эбии
88