Page 84 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 84

Күн сырдыгыттан күрэнэр
                       Күчүмэҕэйэ бэрдиттэн
                       Күүстээх диэки өттүлэрэ
                       Күн дьонун көмүллээтилэр;

                              Аан дайдыттан арахсар
                              Абытайа бэрдиттэн
                              Арыыйда диэки өттүлэрэ
                              Айыы дьонун аһылыктаннылар;
                       Ийэ сиртэн тэлэһийэр
                       Илдьиркэйэ бэрдиттэн
                       Икки атахтаах этинэн
                       Иитиллэ сытаатылар…
                              Ахса биллибэт дьон
                              Амсыырдаһан бараннылар,
                       Үгүс күбүөрүнэ дьон
                       Үтэлэһэн бүттүлэр,
                              Отуттуу мөлүйүөн киһи
                              Оһоҕоско бустулар.

? Ыйытыылар уонна сорудахтар

  1. Идэмэр Кустуктай, Уот Солуонньай «Уруй-айхал тойукта-
      рын» уонна Сир ийэ хатын көмүскүүр дьүүлүн аахтахха,
      туох санаа үөскүүрүй?

  2. Сэрии алдьархайын ойуулааһын Аҕа дойду сэриитин көстүү-
      лэригэр дьүөрэлээх дуо?

  3. Сэрииттэн ким туһаны ылла?
  4. Кыра, кыаммат-түгэммэт омук соргутугар сэрии туох ох-

      сууну оҥордо?

                       Бу долгун ортотуттан ыла
                       Кэлин тиһэҕин диэки

                              Дохсун үгүс дьон
                       Үөскээбит үтүө дойдуларыттан

                                                                  үтүрүллэн,
                       Иитиллибит ийэ сирдэриттэн

                                                                 тэлэһийэн,
                       Айыллыбыт аҕа дайдыларыттан

                                                                     арахсан,
                       Салаҥ элбэх
                       Сай күдүө дьон

84
   79   80   81   82   83   84   85   86   87   88   89