Page 85 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 85
Саха диэки салаллан,
Дьокуускай диэки туһулаан,
Биһиги диэки бэрэһэлиэннээн эрэллэр.
Дьэ, ноколор,
Дьэ, хотуктар,
Тонолуйбат улахан оҥоруубут
Дьэ тосхойдо,
Халбарыйбат хатан ыйаахпыт
Дьэ хаайда,
Мүччүрүйбэт бүтүн төлкөбүт
Дьэ бүрүүкээтэ.
Кинилэр диэтэх дьон
Кэллэллэр эрэ,
Ыар тыыннарын,
Сүдү сүрдэрин,
Албас санааларын,
Үктэтиилээх өйдөрүн,
Биэскэлээх мэйиилэрин,
Угаайылаах толкуйдарын
Уйарбыт аата суох…
Киин сирдэрбитигэр
Кэлэн киэптиэхтэрэ,
Ааттаах алаастарбытытар
Арҕахтанан адаҕыйыахтара,
Улуу үрэхтэрбит
Устун олохсуйуохтара.
Өлбүгэ үллэстэр күҥҥэ
Үтүө үрэхтэртэн үтүрүллүөхпүт,
Үрүйэлэр төбөлөрүгэр үүрүллүөхпүт.
Ааттаах алаастартан арахсан
Атахтарыгар аналланыахпыт,
Сайдам сайылыктартан салыйан
Саҕаларыгар саһыахпыт.
Төрөөбүт төрүт буорбутугар
Төннүбэккэ төлкөлөнүөхпүт,
Үөскээбит өтөхпүтүгэр
Өннүбэккэ үүрүллүөхпүт,
Кэлбит кэриэс сирбитигэр
Кэлбэккэ кэбэлийиэхпит,
Үрүҥ сүүрүкпүт тобоҕо
Үрүйэ баһыгар өлүтэлиэ,
Хара сүүрүкпүт хаҕа
Хара сыбарга хампарыйыа.
85