Page 81 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 81

Охсуһуу улахана,
      Өлөрсүү үлүгэрдээҕэ,
      Кыргыһыы кытаанаҕа буолла.
Муҥ-сор
Муҥутуур улахана,
      Өлүү-үлүгэр
      Сүрдээх дүбдүргэнэ,

               Айдаан-алдьархай
               Атыыр талыыта диэн
               Ол аата буолла.
Көтөр кынаттаах күрэннэ,
Тыа кыыла тыаһырҕаата,
Далай балыга хадьырайда.
      Үөһэттэн өҥөйөн көрдүлэр,
      Аллараттан арыйан көрдүлэр.
               Оһол уола уруйдаата,
               Илбис кыыһа иэхэйдээтэ.
Кырыыс хаан кыттыста,
Өс-саас үксээтэ,
Хара санаа хаҥаата.
      Огдообо олус олохтонно,
      Тулаайах олус тунуйда,
      Өлбүттээх олус үксээтэ.
               Үрдүк сууттар
               Үлэ дьонун
               Үрүҥ көлөһүннэрин
               Үмүрүтэн түммүт
               Үлүскэн үптэрэ
               Үрэллэн барда.
Хааһына сууттар
Хара норуот
Хара көлөһүннэрин
Хамыйан хаҥаппыт
Халыан харчылара
Хампарыйан барда.
               Кылаабынай сууттар
               Кыра норуот
               Кытаанах көлөһүннэрин
               Кыһарыйан ылбыт
               Кыһыл көмүстэрэ
               Кыччаан барда…
      Баабырыкалар сабылланнар,
      Баһаан аймалҕан таҕыста,

                                        81
   76   77   78   79   80   81   82   83   84   85   86