Page 76 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 76

Кыра норуот
                       Кытаанахтык кыыһыран,
                       Кырыктаах санааҕа
                       Кыттыһан эрэр эбит.

                              Хараамнаах бырдах курдук
                              Халыаннык хаҥаабыт
                              Хара норуот
                              Харса суох абаран,
                              Хабараан санааҕа
                              Ханыылаһан эрэр эбит.
                       Үрүҥ түү курдук
                       Үрэллэн үөскээбит
                       Үлэ дьоно
                       Үлүгэрдик өһүргэнэн,
                       Үлтүрүтүһэр өйгө
                       Үһүйсэн эрэллэр эбит.

                              Арах-арах!

                       Бу өһөгөйдөөх өс-саас
                       Тугунан эрэ туолуйар,
                       Ханныгынан эрэ хайыһар,
                       Киминэн эрэ сирэйдэнэр буолла?..
                       Сокуон, солобуода икки
                       Соргу былдьаһар күнүгэр
                       Сор, муҥ икки
                       Солбонутуо буоллаҕа,

                              Урукку олох, куолу
                              Уларыйар күнүгэр
                              Уһун сордоох сут
                              Улугурдуо буоллаҕа,
                       Өбүгэ саҕаттан үгэс
                       Үлтүрүйэр күнүгэр
                       Өлүү-үлүгэр бөҕө
                       Үтүрүйүө буоллаҕа…

                              Дом-дом-дом!
                              Дом-ини-дом!..

                       Ити курдук истэ-билэ,
                       Ол курдук одуулуу көрө олорон,
                       Устунан утуктаан бардым…

76
   71   72   73   74   75   76   77   78   79   80   81