Page 77 - Литература 9 кылаас 1 чааһа
P. 77
? Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Ойуун иккис көрүүлэниитигэр араас омук сирин-уотун, туох
уратылааҕын хайдах ойуулуурун олоххо дьүөрэлээн ыры-
тыҥ.
2. «Эргистээн көрөллөр, элиэтээн ааһаллар», «Тонолуппакка
тобулу одуулуур буоллаҕа», «Кыраҕы үлүгэрдик кыҥыыр
буолтар эбит» диэн ойуун тугу этэр дии саныыгытый?
Тоҕо?
3. «Биһигинньиктэр диэки кырыы харахтарынан кынчарый-
бат» Дьобуруопа дьонун кыһалҕата, ураты майгыта тугуй?
4. Ойуун «Ордук омугу оҕо курдук толкуйдуур», «Ийэ сири
мин эрэ иилиэ-саҕалыа этим» диэн ньиэмэс омугу ойуу-
лаан, суруйааччы фашистскай өй-санаа үөскээн эрэрин таба
тайаммыт диэххэ сөп дуо?
5. «Үрүт дьүүл тутаахтара өрө көрдөрбөт» уонна норуот
«урукку олоҕу уларытар» мөккүөрэ өһүллүүтүгэр ойуун
тугу көрөрүй?
Ол олорон суос-соҕотохто
Соһуйан уһуктубутум оҕолоор, —
Иирэр илбис кыыһа
Идэмэр Кустуктай обургу
Итир былытын миинэн,
Илин-арҕаа халлаан
Икки ардынан
Иэхэйдээн-чуохайдаан,
Иирэн-битийэн
Этэ дьиэһийэн
Эрэр аххан эбит…
Оһол уола оп-соллоҥ,
Обот мэнэгэй,
Уот Солуонньай обургу
Уйусхах былыты олбохтонон,
Соҕуруу халлаан
Ортотун туһунан
Уруй-айхал тойуктанан,
Уһуутаан-уйуһуйан,
Ордоотоон-онолуйан
Аххан эрэр эбит…
Итини кытта тэҥҥэ —
77